Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ ыытыллыаҕа

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин  иһитиннэриэҕэ.

Кини ааһан эрэр сыл сүрүн түмүктэрин таһаарыа, чугастааҕы уонна уһун болдьоххо өрөспүүбүлүкэ стратегияескай сайдыытын,  парламент, бырабыыталыстыба уонна олохтоох салайыныы уорганнарын үлэлэрин сүрүн хайысхаларын быһаарыаҕа. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

«Аныгыскы сыл биһиэхэ ураты түгэн  — Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөбүт. Ону таһынан экэниэмикэҕэ судургута суох сылга биһиги ситиһиилэрбитин сэргэ 2025 сылга былааннарбытын, быһаарыллыахтаах кыһалҕаларбытын туһанан кэпсиэм. Судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын, биһиги оройуоннарбытын, бырабыыталыстыбабыт, парламены, норуоппутун кытта бииргэ Саха сиригэр дьон- сэргэ өссө үчүгэйдик олорорун туһугар ситиһиилээхтик быһаарсыахпыт диэн эрэнэбин. Бу биһиги сүрүн сорукпут», — диэтэ Айсен Николаев «Прямой разговор» биэрии кэмигэр. Норуот дьокутааттарын таһынан, мунньаҕы истиигэ бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, муниципальнай оройуоннар уонна куораттааҕы уокуруктар баһылыктара, тэрилтэлэр  салайааччылара кыттыыны ылыахтара.

Саха сириттэн Федерация Сэбиэтин сенатордара уонна Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара, суут былааһын уонна борокуратуура бэрэстэбиитэллэрэ, өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын федеральнай уорганнарын салайааччылара, ону тэҥэ үгэс уопчастыбаннай диэйэтэллэр лидердэрэ кытталлара былааннанар. Тэрээһин СӨ 1 №- дээх дьиэтин саалатыгар ыытыллар. Саҕаланар сарсыарда 11:00 чаастан.«Якутия 24«, «Саха сирэ» НКИХ, «Россия 24» ханаалларынан көрдөрүөхтэрэ, «Тэтим» уонна «Радио России» араадьыйаларынан иһитиннэриэхтэрэ .

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан быйыл киллэриллэр эбийиэктэргэ үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата

Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын салайааччыларын, дьаһалтатын кытта былааннаах мунньаҕы…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ төлөбүрдэри сыл бүтүөр диэри ыытыахтара

Саха сирин олохтоохторугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ хоромньуларын толуйарга 1 миллиард солкуобайы ыытыахтара. Төлөбүрдэри сыл…

27 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күммүт төһө кылгыырый?

Бу нэдиэлэҕэ саамай кылгас күннэр, саамай уһун түүннэр туруохтара. Күн муҥутаан кылгыыр кэмэ быйыл ахсынньы…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга — Үйэн бэлиэлээх үөдэйдэр күннэрэ

Дьокуускай куоракка Ньурба күннэрин чэрчитинэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылларыгар аналлаах Үйэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирэ национальнай бырайыактары үбүлээһиҥҥэ Арассыыйа ТОП-5 эрэгийиэнин иһигэр киирдэ

Саха сирэ Бэрэсидьиэн национальнай бырайыактарын үбүлээһин таһымынан ТОП-5 эрэгийиэн иһигэр киирдэ. Бу туһунан Ил Дархан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Киин куоракка чыыр балыгы хатырыктаан атыылыыллар

Дьокуускайга “Сайсары” бааһынай ырыынагар Саҥа дьыл чугаһаан, тоҥ аһы-үөлү атыылаһыы элбээтэ. Сыана кыралаан ыараан иһэр…

2 часа ago