Ил Дархан Айсен Николаев кэлэр да сылларга пуорум ыытыллыаҕын эттэ
Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис пуорум киэҥ далааһыннаахтык ааста. Нэдиэлэ устата пуорум чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытылынна, үгүс киһи кытынна. Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис пуоруму түмүктүүр пленарнай мунньах түмүгүнэн Ил Дархан Айсен Николаев тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ.
«Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис пуоруму түмүктээтибит. Мин санаабар, бу саамай сөптөөх дьыала, тоҕо диэтэххэ, биһиги байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын өйөөммүт, билигин манна улахан үлэни ыытабыт. Ону таһынан биһиги өйдүөхтээхпит, биһигини, Арассыыйа дьонун утары күүстээх утарсыы бара турар. Арҕаа дойдуга фашизмы күөдьүтэннэр, урукку сойуустуу Украина Өрөспүүбүлүкэтигэр киллэрэннэр, дьиҥнээх фашисткай эрэсиими үөскэтэн дьон өйүн-санаатын булкуйуу барда. Байыаннай дьайыы зонатыгар сылдьан мин кимнээҕи утары киирсэ сылдьарбытын көрбүтүм. Онон биһиги бары түмсэммит, оҕолорбутун, ыччаппытын патриоттуу тыыҥҥа үөрэтиэхтээхпит», — диэтэ Айсен Николаев.
Салгыы Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиги аҕаларбыт, эһээлэрбит хорсун быһыыны көрдөрбүттэрин, билигин биһиги уолаттарбыт кинилэр суолларынан дойдуларын иһин иэстэрин чиэстээхтик толоро сылдьалларын бэлиэтээтэ.
«Биһиги өбүгэлэрбит 1945 сыллаахха Улуу Кыайыыны ситиспиттэрин курдук эмиэ түмсэммит Кыайыыны уһансыахпытын наада. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа диэн эрэллээхпин. Пуорумҥа кэлбит ыалдьыттарбыт тэрээһин суолтата улаханын бэлиэтээтилэр уонна махтаналларын биллэрдилэр. Онон кэлэр да сылларга маннык пуоруму ыытыахпыт», — диэн эттэ Ил Дархан.
Санатан эттэххэ, Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы пуорум Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн 2023 с. ахсынньы 8 күнүгэр, Дойду дьоруойдарын күнүн көрсө ыытыллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: