Ил Дархан Айсен Николаев: «Мииринэй маастар-былаана — өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн бырайыага»

Share

Бүгүн, балаҕан ыйын 4 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр Мииринэй куорат маастар-былаанын олоххо киллэриитин туһунан мунньаҕы ыытта. 

2022 сыллаахха атырдьах ыйыгар Айсен Николаев Мииринэй оройуонун 2030 сылга диэри сайдыытын туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Докумуон чэрчитинэн АЛРОСА хампаанньа Мииринэй куорат маастар-былаанын бэлэмнээбитэ.

Билигин бу ыйааҕынан Мииринэйгэ уонна Удачнайга аэропортар тутуллаллар, дьиэлэргэ гаас тардыллар, итиэннэ 1-кы №-дээх оскуола иккис куорпуһа, политиэхиньиичэскэй лиссиэй успуорт саалата, Оҕо дыбарыаһа уонна Удачнайга саҥа стадион тутуллаллар. Ону таһынан, Мииринэй куорат сайдыытын былаанынан уулуссалар, суоллар, тиэргэннэр тупсарыллаллар.

Мунньахха Ил Дархан Мииринэй куорат маастар-былаанын олоххо киллэриитэ өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн бырайыага буоларын эттэ: «Куоракка бырамыысыланнас исписэлиистэрэ эрэ буолбакка, атын эйгэ үлэһиттэрэ, ол иһигэр сиэрбис, дьоҕус биисинэс хайысхаҕа эмиэ олохсуйуохтаахтар. Мииринэй социальнай инфраструктурата сайдан, дьон олоҕо тупсуохтаах. Бу маастар-былаан манна эппиэттиир».

Сиһилии маастар-былаан туһунан сыылканан ааҕыҥ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэнсиэрдэрэ сэргэхтик ааста

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Биэс оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Айаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ!

Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…

2 часа ago
  • Сыыппара
  • Үөрэх

ИТ-хайысханан үлэ булар чэпчээтэ

Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгри ыалдьыттары көрсөргө тэтимнээхтик бэлэмнэнэр

Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар  эппиэттээх исписэлиистэрэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Домофон уларытаары киирэн биэрбит

Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…

4 часа ago