Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Нуучча тылын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Нуучча тыла – аан дойду саамай баай уонна кэрэ тылларыттан биирдэстэрэ. Бу тыл биһиэхэ бэйэ санаатын чопчу уонна сөпкө тиэрдэргэ эгэлгэ баай тыллардаах, аан дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн киһини түмэр, тугунан да кэмнэммэт материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэни илдьэ сылдьар, үгүс ахсааннаах ураты тыллартан турар.
Биһиги элбэх омук түөлбэлээн олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр нуучча тыла – бу бары норуоттары түмэр уонна ыкса сибээстиир. Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятын иһинэн Төрөөбүт тыллары үөрэтии, харыстааһын уонна сайыннарыы киинэ үлэлиир. Судаарыстыбаннай уона дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киирэр. Бырагыраама чэрчитинэн 50-ча бырайыак үлэлиир, ол иһигэр тыллары үөрэтиигэ уонна киэҥник тэнитиигэ ИТ-бырайыактар. Өрөспүүбүлүкэҕөэ аныгы иһитиннэрэр эйгэҕэ тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга сүҥкэн уопут түмүлүннэ.
Нуучча тыла — бу туох-ханнык иннинэ улуу нуучча литературатын тыла-өһө. Уус-уран ньымалары киэҥник туттан, тыл хомоҕойун уонна ураты поэтикатын эгэлгэ стилистическай ньымаларын туһанан нуучча тылын чулуу маастардара бэйэлэрин ааттарын-суолларын аан дойду классикатын кыһыл көмүс пуондатыгар киллэрэр кыахтаммыттара.
Бу бырааһынньык өлбөт-сүппэт үйэлээх баайа сыллары уонна эпохалары уҥуордаан дойдубут киэн туттуутунан буолбут, бүттүүн норуот тапталлаах бэйиэтэ Александр Сергеевич Пушкин аатын кытта ыкса сибээстээх. Кылгастык олорон ааспыт олоҕор кини бүтүн тылы реформалааччынан буолар кыахтаммыта уонна бүгүн кинини аныгы нуучча тылын төрүттээччинэн бары билинэллэр. Быйыл аатырбыт бэйиэт уонна драматург – дойду литэрэтиирэтин устуоруйатын тутаах киһитин төрөөбүтэ 225 сылын бэлиэтиибит.
Саха сиригэр Александр Пушкин туһунан өрүү истиҥник өйдүү-саныы сылдьаллар уонна кини талааныгар уонна нэһилиэстибэтигэр сүгүрүйэллэр. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Нуучча тылын күнүн – Арассыыйаҕа Пушкин күнүн бырааһынньыктааһыҥҥа анаммыт литературнай биэчэрдэр, хоһоону ааҕааччылар куонкурустара, тематическай быыстапкалар, Славянскай сурук-бичик уонна култуура күннэрэ, айар аахсыйалар, үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бүгүн А.С.Пушкин аатынан Нуучча судаарыстыбаннай академическай драматическай тыйаатырыгар “Руслан и Людмила” испэктээкил премьерата, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар – Пушкин сюжеттарынан операттан быһа тардан кэнсиэр буолуохтара.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ыччаттарга “Пушкинская карта” киэҥник туһаныллар. Бүгүн 72 тыһыынчаттан тахса Саха сирин эдэр олохтооҕо каарталаахтар, онон дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит бырайыагын көмөтүнэн тыйаатырдарга, кэнсиэртиир тэрилтэлэргэ, судаарыстыбаннай түмэллэргэ уонна киинэ саалаларыгар сылдьан култуура өттүнэн сайдар кыахтаннылар.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ ис сүрэхпиттэн эйэни уонна этэҥҥэ буолууну, чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилэри баҕарабын! Нуучча тыла өрүү өлбөт үйэлээх уонна куруук туттуллар буоллун, оттон кини эгэлгэ кэрэтэ уонна дириҥэ эһиги санааҕытын өрө көтөхтүн уонна иллээхтик-эйэлээхтик олороргутугар көмөлөстүн!
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…