Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев: «ПМЭФ чэрчитинэн хантараактары түһэристибит»

Ил Дархан Айсен Николаев: «ПМЭФ чэрчитинэн хантараактары түһэристибит»

Ааптар:
29.06.2023, 22:33
sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

«Якутия 24» телеханаал «Якутия вперед!» биэриитигэр СӨ Ил Дархана  Айсен Николаев Санкт-Петербурга экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр түһэрсиллибит хантараактар, сөбүлэһиилэр тустарынан ахтан аһарда.

Ол курдук, суолталаах ситиһиинэн Саха сирэ сөмөлүөт тутар “Туполев” хампаанньаны кытта сөбүлэһии түһэрсибитин ааттаата.

Олохтоох «Якутия» авиахампаанньаҕа анаан  12  Ту-214 сөмөлүөтү тутууга “Туполев” акционернай хампаанньаны кытта сөбүлэһии түһэристибит. Ту-214 – орто магистральнай тииптээх суудуна. Бу көтөр аалынан Саха сириттэн Арассыыйа киин куораттарыгар көтүү кыһалҕата лаппа тупсуоҕа.

Маны таһынан Арассыыйа Сбербаанын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Грефы кытары Дьокуускай куоракка балаҕан ыйыгар ИТ-салаа каадырдарын бэлэмниир оскуоланы аһар туһунан кэпсэттибит. Уопсайынан, экэнэмиичэскэй пуорумҥа биһиги таһаарыылаахтык, дьоһуннук үлэлээтибит. Уопсайа 90 миллиард солкуобай суумалаах хантараактары, сөбүлэһиилэри түһэристибит. Бу барыта өрөспүүбүлүкэни сайыннарыыга туһалаах эрэ өрүттэрдээх буолуоҕа”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: