Бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга 33-с нүөмэрдээх оскуола дьиэтигэр баар 779-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар куоластаата.
«Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара – улахан суолталаах бэлитииичэскэй тэрээһин буолар. Биһиги дойду Бэрэсидьиэнин быыбарыгар хайаан даҕаны кыттыахпытын наада.
Бу быыбартан биһиги дойдубут кэлэр сылларга хайдах сайдара улахан тутулуктаах, онно биһиги куоластааммыт сыһыаммытын көрдөрүөхтээхпит. Биһиги Сахабыт сирэ, Модун Арассыыйа мэлдьи кыаҕыра турарыгар бары биир киһи курдук куоластыахпытын наада», — диэтэ Ил Дархан.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга куоластааһын үс күн ыытылларын бэлиэтээн эттэ. Саха сирин олохтоохторо быыбарга көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара кулун тутар 15, 16, 17 күннэригэр ыытыллар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…