Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэтэ

Ааптар:
08.07.2024, 09:05
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэтэ.

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Бука барыгытын Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!

Өрөспүүбүлүкэбитигэр хас биирдии бэһис дьиэ кэргэн – элбэх оҕолоох. Ол курдук Саха сиригэр барыта 118 тыһыынчаттан тахса оҕону иитэр 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал баар. Биһиги оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ – бастакы, дойдуга сэттис миэстэлээхпит, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдибит оҕо күн сирин көрбүтэ.

Президеммит Владимир Владимирович Путин биһиги демография бэлиитикэтигэр ситиһиилэрбитин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Ол курдук дойду баһылыга Дьокуускайга кэлэ сылдьан: «Демографияҕа бары көрдөрүүгүт дойду үрдүнэн бастыҥ», – диэбитэ. Онон биһиги ол көрдөрүүлэрбитинэн киэн туттар бырааптаахпыт.

Дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр үгэһи өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев номнуо 90-с сылларга олохтообута. Ол үлэни биһиги салгыы ыытабыт итиэннэ кэлэр көлүөнэлэр эмиэ салгыахтара.

Дойду президенэ Владимир Владимирович Путин 2024 сылы Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн уопсастыба саҥа нуорматынан, сыаннаһынан уонна сыалынан буолуохтаах.

2030 сыл чугаһыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар дьадаҥы буолуу таһыма иккиттэн ордук төгүл намтыырын ситиһии Президент туруорбут сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн буолар. Бу сыалы ситиһэр туһугар Владимир Владимирович «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр дьаһаллар тустарынан» ыйаахха илии баттаабыта. Бу докумуон дойду сиригэр-уотугар бүтүннүүтүгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн федеральнай статуһун аан бастаан олохтоото.

Бу соругу толорорго биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан үлэ ыытыллар. Ийэ буолууну уонна уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ үбүлээһин кээмэйэ кэнники алта сылга (2018 сылтан) эрэгийиэҥҥэ аҕыстан элбэх төгүл улаатыннарыллан 29,5 млрд солкуобайга тэҥнэстэ.

Муус устарга мин «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри социальнай өттүнэн өйүүр эбии дьаһаллар тустарынан» Ыйаахха илии баттаабытым, ол чэрчитинэн Саха сиригэр дьоһун суолталаах быһаарыылары ылынныбыт: элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уопсай үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр оҕолоро бары босхо аһыахтара уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо айанныахтара. Ону тэҥэ Саха сирин элбэх оҕолоох ыалларыгар олорор дьиэлэрин уонна коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр олохтоммут төлөбүр кээмэйиттэн 30 бырыһыантан итэҕэһэ суох кээмэйдээх чэпчэтиини туһанар быраап көрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыаллара бу эбии дьаһалларынан көрүллүбүт өйөбүлү балаҕан ыйын 1 күнүттэн туһаныахтара.

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл улаатыннарылынна – 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр сир учаастагын оннугар 200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүр бэриллэрин туһунан сокуон ааспыт сылга күүһүгэр киирбитэ, ол быраабынан 2 тыһыынчаттан тахса гражданин туһанна.

Биир дьоһун быһаарыынан оҕолорго барыларыгар дьиэ кэргэҥҥэ хаһыс оҕонон төрөөбүтүттэн тутулуга суох бэриллэр «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы олохтооһун буолла. Бу хапытаал болдьоҕо биэс сылга уһатылынна, сыл аайы индексацияланар. Ону тэҥэ Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Оҕо саас сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 25 саастарыгар диэри аан бастаан ыал буолбут эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан төлөбүр саҥа олохтонно.

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Өссө төгүл барыгытын бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн диэн киһиэхэ туохтааҕар да күндү. Оттон дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ – таптал уонна бэриниилээх буолуу. Дьоллоох буолар туһугар бу иэйиилэргитин харыстааҥ. Эһиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, өйдөһүүнү, этэҥҥэ буолууну уонна туруоруммут сыалгыт туоларыгар баҕарабын! Алаһа дьиэҕит куруутун сылааһынан угуттаатын, тапталынан, оҕо күлүүтүнэн туоллун. Оҕолоргут, сиэннэргит саҕалаабыт дьыалаҕытын салҕаан, саҥа кыайыыларынан үөрдэ турдуннар! Сахабыт сирэ, иннибит диэки!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                     А.С. Николаев

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: