Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр Нуучча тылын күнүнэн эҕэрдэлиир

Share

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Нуучча тылын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Өрөспүүбүлүкэбитигэр сыллата бу бэлиэ күн 2001 сылтан бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев ыйааҕынан бэлиэтэнэр.

1711 сыллаахха бу күҥҥэ улуу учуонай-энциклопедист, Арассыыйа бастакы академига, лингвист-реформатор М.В.Ломоносов күн сирин көрбүтэ. Кини аныгы нуучча литературнай тылын төрүттээбитэ, онуоха сөпкө суруйуу нуормаларыгар олук ууран бастакынан грамматикаҕа научнай үлэлэри суруйбута.

Бүгүҥҥү күҥҥэ нуучча тыла биир саамай тарҕаммыт тылынан буолар. Бу тылынан саҥарар киһини аан дойду хайа баҕарар муннугар көрсүөххэ сөп. Ол курдук, аан дойду үрдүнэн 300 мөлүйүөн киһи нуучча тылын билэр (тарҕаныытынан бэһис миэстэҕэ турар), онтон 160 мөлүйүөнэ төрүт тылынан билинэр.

Нуучча тыла баайынан уонна кэрэтинэн биһиги киэн туттар бырааптаахпыт. Кини тылын саппааһынан биһиги ханнык баҕарар санаабытын чопчутук тиэрдэбит.

Бу сылга Саха сиригэр Наукалар академияларын иһинэн төрүт тыллары сайыннарыыга, үөрэтиигэ киин тэриллибитэ. Бу киин тыллары, ол иһигэр нуучча тылын эмиэ үөрэтиэҕэ, анаалыстыаҕа, сайдар саҕахтарын көрүөҕэ. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ «Сохранение и развитие государственных и официальных языков в РС(Я) на 2020-2024 годы» диэн бырагыраама үлэлиир.

Сыллата эрэгийиэн Кыайыы дьыктааныгар, Тотальнай дьыктааҥҥа, этнографическай дьыктааҥҥа, Литературнай дьыктааҥҥа, Географическай дьыктааҥҥа көхтөөхтүк кыттар.

Күндү доҕоттор! Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар кытаанах доруобуйаны, дьолу, эйэни, саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри, бары үтүөнү баҕарабын.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга А.С. Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

9 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

12 часов ago