Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев Алексей Колодезниковы кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта

Ил Дархан Айсен Николаев Алексей Колодезниковы кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта

31.07.2024, 17:15
Хаартыска: Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

От ыйын 31 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев  “Сахатранснефтегаз” АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезниковы кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта.

Хампаанньа салайааччыта Айсен Николаевка Дьокуускай куоракка олорор дьиэлэри гааһынан эрэллээхтик уонна куттала суохтук хааччыйар үлэ хайдах баран иһэрин кэпсээтэ.

“Тиэхиньиичэскэй диагностика сөбүлэҥин ылбыт элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ “Сахатранснефтегаз” гааһы киллэрэр үлэтин салгыыр. Күн бүгүн Дьокуускайга гааһы биэрии тохтотуллубут 202 дьиэтиттэн 118-гар гаас саҥаттан холбонно”, — диэн иһитиннэрдэ Алексей Колодезников.

Куттал суох буолуутун хааччыйар инниттэн тиэхиньиичэскэй диагностиканы ыытар хайаан да наадалаах. Өскөтө оборудование үлэлиир болдьоҕо тахсыбыт уонна тиэхиньиичэскэй диагностикатын түмүгүнэн сөбүлэҥ суох буоллаҕына, гааһы биэрэр тэрилтэ сокуон быһыытынан гааһы биэрэрин тохтотор бырааптаах.

Тиэхиньиичэскэй диагностиканы ыытарга управляющай хампаанньалар уонна дьиэни бас билээччилэр специализированнай тэрилтэни талан, дуогабар оҥостуохтаахтар. Тиэхдиагностика ыытыллыбытын кэннэ, заключение гаас хампаанньатыгар барар. Туох эрэ кэһиллии баар буоллаҕына кинилэр ону туоратыахтаахтар, ол эрэ кэнниттэн гааһы биэриэхтээхтэр.

Алексей Колодезников этэринэн, управляющай хампаанньалар уонна дьиэни бас билээччилэр бу дьыалаҕа көхтөөхтүк ылыстылар итиэннэ атырдьах-балаҕан ыйдарыгар гааһы киллэттэрэр курдук газовай оборудованиелара нуормаҕа эппиэттиир буолуоҕа.

Маны тэҥэ көрсүһүүгэ Саха сирин арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр гааһы киллэрэр уонна эрэгийиэҥҥэ социальнай гаастааһын бырайыагын сайыннарар туһунан кэпсэттилэр. Салгыы Алексей Колодезников киин улуустарга гааһы киллэрии туһунан эттэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: