Ил Дархан Айсен Николаев Сайылык күнүнэн эҕэрдэлээтэ
Бүгүн, ыам ыйын 22 күнэ, тыйыс тымныылаах кыһын кэнниттэн күөххэ үктэнии бэлиэ күнэ. Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан тутуһар үгэһэ – сайылыкка тахсыы күүтүүлээх уонна үөрүүлээх түгэнэ үүннэ. Кылгас сайын устата саха киһитэ кыстыгы этэҥҥэ туоруур инниттэн, иҥэмтэлээх сүөһү аһылыгын бэлэмниир түбүктээх үлэтигэр бэлэмнэнэр үтүөкэннээх кэмэ – кини сайылык кэминээҕи олоҕо.
Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэҕэ 348 сайылыкка 41,2 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһү сайылыаҕа. Эти уонна үүтү оҥорон таһаарыыны үрдэтиигэ үгэс буолбут үөрүйэҕи таһынан, аныгы технологияны туһанан, үгүс сайылыктарга ыарахан үлэни чэпчэтэргэ туһуламмыт ынах ыыр тэриллэри үлэлэтэллэр. Маныаха «механизированнай” дэнэр сайылыктары сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ салалтата ороскуоту толуйууга кэккэ үбүлээһини оҥорор.
Сайылык үлэтэ олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы кээмэйин үрдэтиигэ, өрөспүүбүлүкэни бэйэ этинэн-үүтүнэн хааччыйыыга улахан суолталаах. Онон ыраах ходуһалары, мэччирэҥ сирдэри көдьүүстээхтик туһаныы эмиэ ирдэнэр.
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, күндү доҕоттор! Сайыҥҥы сырдык үтүөкэннээх кэмҥэ эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, эйэлээх, дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабын. Самаан сайын хас биирдии күнэ көдьүүстээхтик ааһан, эһиэхэ үгүс ситиһиини, сырдык үөрүүнү сахтын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: