Ил Дархан Айсен Николаев Сайылык күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Share

Бүгүн, ыам ыйын 22 күнэ, тыйыс тымныылаах кыһын кэнниттэн күөххэ үктэнии бэлиэ күнэ. Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан тутуһар үгэһэ – сайылыкка тахсыы күүтүүлээх уонна үөрүүлээх түгэнэ үүннэ. Кылгас сайын устата саха киһитэ кыстыгы этэҥҥэ туоруур инниттэн, иҥэмтэлээх сүөһү аһылыгын бэлэмниир түбүктээх үлэтигэр бэлэмнэнэр үтүөкэннээх кэмэ – кини сайылык кэминээҕи олоҕо.

Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэҕэ 348 сайылыкка 41,2 тыһыынчаттан тахса  ынах сүөһү сайылыаҕа. Эти уонна үүтү оҥорон таһаарыыны үрдэтиигэ үгэс буолбут үөрүйэҕи таһынан, аныгы технологияны туһанан, үгүс сайылыктарга ыарахан үлэни чэпчэтэргэ туһуламмыт ынах ыыр тэриллэри үлэлэтэллэр. Маныаха  «механизированнай” дэнэр сайылыктары сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ салалтата ороскуоту толуйууга кэккэ үбүлээһини оҥорор.

Сайылык үлэтэ олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы кээмэйин үрдэтиигэ, өрөспүүбүлүкэни бэйэ  этинэн-үүтүнэн хааччыйыыга улахан суолталаах. Онон ыраах ходуһалары, мэччирэҥ сирдэри көдьүүстээхтик туһаныы эмиэ ирдэнэр.

Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, күндү доҕоттор! Сайыҥҥы сырдык үтүөкэннээх кэмҥэ эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, эйэлээх, дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабын. Самаан  сайын хас биирдии күнэ көдьүүстээхтик ааһан, эһиэхэ үгүс ситиһиини, сырдык үөрүүнү сахтын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago