Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Борокуратууратын кэллиэгийэтин мунньаҕар кытынна
Бүгүн, олунньу 2 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев РФ Генеральнай борокуруорун солбуйааччы Дмитрий Викторович Демешин салайааччылаах СӨ Борокуратууратын кэллиэгийэтин мунньаҕар кыттыыны ылла. Бу туһунан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрэр.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ Борокуратуураны кытта сокуону хааччыйыыга, экэнэмиичэскэй уонна социальнай бигэ буолууга улахан үлэ ыытыллар. 2023 сыллаахха Борокуратуура кыттыылаах биһиги суолталаах боппуруостары быһаарбпыппыт, ол иһигэр байыаннай сулууспалаахтары өйөөһүн, национальнай бырайыактар олоххо киириилэрэ, учууталлар, урбаанньыттар интэриэстэрэ, оҕолор уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор социальнай өйөбүллэрэ. Өссө биир сүрүн үлэбит түмүгүнэн албыннаппыт өлүүлэһээччилэр бырааптарын көмүскээһин буолар. Бу сыллар тухары 1766 киһи кыһалҕа быһаарылларын күүппүтэ , — диэн Айсен Николаев суруйар.
Дмитрий Викторович Саха сиригэр Уһук Илин үрдүнэн буруйу кэһии аҕыйаҕын, элбэх тутуу үлэҕэ киирэрин, дьарыктаах дьон элбэҕин бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: