Ил Дархан Айсен Николаев сэнээтэр Егор Борисовы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев сэнээтэр Егор Борисовы кытта көрүстэ

09.06.2023, 15:02
Хаартыска -- Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Саха сирин Аҕа баһылыга Айсен Николаев Федерация Сэбиэтин сэнээтэрэ  Егор Борисовы кытта көрүстэ. Егор Борисов  Ил Дархан Айсен Николаевка Федерация Сэбиэтигэр өрөспүүбүлүкэ интэриэһигэр туох үлэ ыытылларын  билиһиннэрдэ.

Хаартыска -- Андрей Сорокин, СИА

Ол курдук, Федерация Сэбиэтин сэнээтэрэ Аграрнай үлэ, ас-үөл бэлиитикэтигэр  уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэт Саха сиригэр кэлэрэ былааннанарын иһитиннэрдэ. Кэмитиэт чилиэннэрэ Ил Түмэн мунньаҕын дьокутааттарын кытта тыа хаһаайыстыбатын кээпирээссийэтин  уонна айылҕаны харыстааһын боппуруостарыгар холбоһуктаах мунньаҕы ыытыахтара.

Маны таһынан, өрүттэр Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрин кэмигэр ылыллыбыт пууннары олоххо киллэрии боппуруостарын ырыттылар. Биллэн турар, федеральнай таһымҥа быһаарыыны эрэйэр боппуруос  үгүс. Ол ону биир сүбэнэн быһаарыы барар. Айсен Николевы көрсүһүүтүгэр Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ, дойду уопсай балаһыанньаларын учуоттаан,  Саха сирин Аҕа баһылыгын дуоһунаһыгар  кинини өйүүрүн биллэрдэ. Бу олус сөптөөх быһаарыныыны РФ Бэрэсидьиэнэ уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо  эмиэ өйүүллэрин бэлиэтээтэ. Егор Афанасьевич Ил Дархан быһыытынан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар судаарыстыба стратегическай соруктарыгар сыһыаннаах быһаарыылары ылынан, өрөспүүбүлүкэҕэ  креативнай экэниэмикэни  сайыннарыыга туһуламмыт идиэйэлэр, инвестиция бырайыактарын ааптардарын быһыытынан үлэтин салгыахтааҕын бэлиэтээтэ.

Маны тэҥэ, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Федерация Сэбиэтин сэнээтэрэ Егор Борисов тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сыһыаннаах кэккэ миэрэлэри ылыыны дьүүллэстилэр. Өрүттэр аграрнай сиэктэри өйүүргэ аналлаах үлэ былаана оҥоһуллар кэмэ кэлбитин бэлиэтээтилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: