Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев Сергей Фурсенколыын  көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Сергей Фурсенколыын  көрүстэ

Ааптар:
20.12.2025, 15:43
Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга оробуочай сырыытынан кэлбит «Газпромбанк» АУ вице-бэрэсидьиэнинэн, «Үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтө» аһымал пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Сергей Фурсенколыын  көрүстэ.

Мунньах сүрүн тиэмэтинэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьону өйөөһүн уонна чөлүгэр түһэрии боппуруостара буоллулар.

«Биһиэхэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө систиэмэлээх буолара уонна эрдэттэн саҕаланара олус тутаах суолталаах. Кэпсэтии мэдиссиинэ технологияларын эрэ туһунан буолбакка, дьону толору олоххо, социальнай көхтөөх буолууга уонна кэлэр кэскиллэригэр эрэллээх буолууга төнүннэрии туһунан барар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Ыарахан эчэйиини ылбыт байыаннай сулууспалаахтарга аадырыстаах көмөнү оҥоруу боппуруостарыгар ураты болҕомто уурулунна. Сергей Фурсенко пуонда үлэтин сүрүн хайысхаларын билиһиннэрдэ, ол иһигэр үрдүк технологиялаахтык протезтааһын бырагыраамаларын, ону таһынан дойду бастыҥ мэдиссиинэ кииннэригэр нейростимуляция уонна нейромодуляция ньымаларын туһаныыны.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын эрдэттэн чөлүгэр түһэрии боппуруостара туспа блок быһыытынан дьүүллэһилиннилэр. Чуолаан эттэххэ, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо адаптивнай картинг оскуолатын ыытыы уопута билиһиннэрилиннэ. Бу көрүҥүнэн эти-хааны хамсатыыны уонна психологическай адаптацияны дьүөрэлиир комплекснай чөлүгэр түһэрии элеменин быһыытынан көрүллэр.

«Бу ньыманан кыттыылаахтар физическэй өттүнэн чөлүгэр түһүүлэригэр уонна психологическай адаптацияларыгар, ону таһынан толору олоххо төннүүлэригэр көмөлөһөн, бигэ түмүктэри көрдөрөр», — диэн Сергей Фурсенко кэпсээтэ.

Өрүттэр салгыы бииргэ үлэлэһэргэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чөлүгэр түһэрэр бырагыраамалары сайыннарыыга, үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн тиийимтиэтин үрдэтиигэ туһуламмыт бииргэ көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэр чопчу мэхэнььиһимнэри оҥорон таһаарарга бэлэмнэрин бигэргэттилэр.  Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/17548

Бары сонуннар
Салгыы
20 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: