Ил Дархан Айсен Николаев: «Социальнай хантараак бырагырааматын өссө күүһүрдүөхпүт»

Share

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр буолбут быһа эпиир кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев дьадайыыны утары охсуһуу миэрэтин быһыытынан, социальнай хантараактары биэрии бырагырааматын өссө күүһүрдүөхпүт диэн эттэ.

Социальнай хантараагы биэрии бырагырааматын күүһүрдэргэ сүүһүнэн мөлүйүөн солкуобай көрүллэн турар. Биһиги дьоҥҥо көннөрү харчыны эрэ биэрбэккэ, үлэлиир-хамсыыр, дохуоттанар кыаҕы биэриэхтээхпит. Социальнай хантараак көмөтүнэн бэйэ дьыалатын арыныахха, бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннаран, дохуоттаныахха сөп. Онон бу бырагыраама дьиэ кэргэҥҥэ олус суолталаах. Төрөппүттэрэ үлэлээх, дьарыктаах, хаһаайыстыбалаах буоллахтарына, оҕолорун эмиэ үлэҕэ үөрэтэллэр, сөпкө иитэллэр, — диэн кини эттэ.

Маны тэҥэ, Айсен Николаев социальнай хантараак эдэр дьоҥҥо эрэ буолбакка, биэнсийэлээхтэргэ эмиэ бэриллэрин туһунан санатта.

Социальнай хантараак — «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэлиир бырагыраама. Бэйэ дьыалатын арыныыга 500 тыһыынча солкуобайга тиийэ биэрэллэр. Маны тэҥэ, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, идэ ылан үөрэнэргэ, үлэ буларга, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга көмө быһыытынан бэриллэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Михаил Николаевка мемориальнай комплекс оҥоһуллуоҕа

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Ил Дархан иһинэн архитектура уонна куораты тутуу управлениетын салайааччы…

5 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ойуур баһаарыгар буруйдаах 600 тыһ. солк. ыстарааптанна

Үөһээ Бүлүү оройуонун олохтооҕо судаарыстыбаҕа 600 тыһ. солк. ыстараабы төлүүргэ күһэлиннэ. Быйыл сайын кини улахан…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тыа сирин сайдыытын биир кэлим бырагырааматынан тутуллар эбийиэктэр сыаналара хонтуруолга тутуллуоҕа

Тыа хаһаайыстыбатын биир кэлим сайыннарыы бырагыраамата Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр олоҕуран, 2020 сылтан…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр социальнай хантараагы туһанааччылар ахсаана элбиир

Саха сиригэр уопсайа 430 мөлүйүөнтэн солк. тахса суумаҕа 3 тыһ. кэриҥэ социальнай хантараак түһэрсилиннэ. Саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр үбү-харчыны туһаныы билиитин марафона ыытыллар

Саха сиригэр бу сыл сэтинньи 9 күнүгэр диэри үбү-харчыны туһаныы билиитин марафона ыытыллар. Тэрээһин офлайн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хирургия мобильнай киинин быраастара 12 улууска тиийэн үлэлээтилэр

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин хирургияҕа мобильнай киинин  исписэлиистэрэ 2024 сыл 10 ыйын  иһигэр…

7 часов ago