Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар БАМы тутааччыларга махтанна
Бу күннэргэ биһиги дойдубут ХХ үйэ биир сөҕүмэр бөдөҥ инфраструктурнай бырайыагын албан ааттаах даататын — Байкал-Амур магистралын тутуу саҕаламмыта 50 сылын бэлиэтиир, диэн Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар бэлиэтиир.
БАМ киин куоратыгар Тыындаҕа бүгүн дьиҥнээх бырааһынньык. Номоххо киирбит магистралы 2 мөл. кэриҥэ сэбиэскэй дьон бүттүүн үлэлээн туппуттара. Кинилэр быыстарыгар устуоруйаҕа ааттара киирбит Саха сирин олохтоохторо эмиэ баалларынан биһиги киэн туттабыт. Бүгүн кинилэр БАМ сүрэҕэр – эдэр саастарыгар үлэлээбит куораттарыгар кэллилэр. Үөрэ, киэн тутта мин кинилэрдиин көрүстүм, үбүлүөйдээх дьоһун дааталарынан эҕэрдэлээтим. Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт!
Бүгүн “БАМ тутааччылара” өйдөбүнньүк өрөгөйдөөх аһыллыыта буолла. Санаа күүһэ, күргүөмнээх үлэ өйгө сылдьар бырайыагы дьиҥнээх олоххо киллэрбиттэрэ. Баччааҥҥа диэри Байкал-Амур магистралын тутууга норуот көрдөрбүт сомоҕо күүһэ куоһарылла илик, үйэ тутуута билигин да биһиэхэ улуу дойду модун санаатын уонна өрө күүрүүтүн көрдөрөр суолдьут сулуспут буолар. Бу өйдөбүнньүк ону кэрэһилии туруохтун!
Биһиги, Уһук Илин олохтоохторо, биһиги сирбит-уоппут күүс-уох биэрэр, улуу Арассыыйа кыаҕын-күүһүн хаҥатыһар сир буоларын туһугар салгыы да бииргэ үлэлиэхпит! Кимтэн холобур ыларбыт баар! Махтал эһиэхэ, бастакы тутааччыларга!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: