Бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев социальнай суолталаах тутуулары көрүү чэрчитинэн Жатай бөһүөлэгэр тутулла турар орто оскуоланы көрдө. Тутуу хаамыытын көрөн баран үлэ болдьоҕуттан хаалыыны туоратарга сорудахтаата.
Бэлиэтээн суруйдахха, оскуола тутуута Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Эбийиэк «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак уонна 2023-2027 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэҕи сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тутуллар. Оскуола эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын уонна ХЭТ «ПроШкола» концессионнай сөбүлэҥ түһэрсиитин түмүгэр тутуллар. Былаан быһыытынан эбийиэк сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.
— Оскуола тутуутун үлэтэ билиҥҥи туругунан, 30% эрэ бэлэм. Үлэ хаамыытыгар хаалыы баар. Онон түргэнник үлэ былаанын толорон, сыл бүтүөр диэри хаачыстыбалаах эбийиэк тутуллан бэлэм буолуохтаах, — диэтэ Ил Дархан. Билигин бастакы, иккис этээскэ монолитнай үлэҕэ колуонналар оҥоһуллубуттар. Уопсайа 58 үлэһит уонна түөрт тиэхиньикэ үлэлиир. Уот, уу, гаас ситимин технологическай дуогабардара түһэрсиллибиттэр.
5 тыһыынча кэриҥэ кв.м. иэннээх үс этээстээх оскуолаҕа үөрэнэр кылаастары таһынан мэдиссиинэ, уйулҕа кэбиниэттэрэ, иистэнэр, уһанар мастарыскыайдар, аактабай саала, успуорт саалата, остолобуой оҥоһуллуохтара.
Саха омук биир сүрүн уратытынан сылгы иитиитэ буолар. Кырдьыга, Дьөһөгөй оҕото сахаҕа аргыс буолан, тыйыс…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн "Саха сирэ - дьоруойдар дойдулара" каадыр бырагырааматын кыттыылаахтарын кытары көрүстэ.…
Сэтинньи 1 күнүттэн нолуок сулууспата иэстээх дьонтон иэстэрин суукка биэрбэккэ эрэ, быһалыы ылар буолуоҕа. Урут…
Усуйаана улууһугар борокуратуура орооһуутун кэнниттэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтигэр материальнай көмө оҥоһуллубут. Усуйаана…
Саха сиригэр 2025 сылга 10 уонна онтон элбэх оҕолоох икки ыал дьиэни атыылаһыыга эбэтэр туттууга…
Ленскэйгэ оройуоннааҕы балыыһа санитарката сууттанна. Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Ленскэйдээҕи оройуон суутунан, 49 саастаах дьахтар…