Ил Дархан Айсен Николаев Жатайга тутууну бэрэбиэркэлээтэ

Share

Бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев социальнай суолталаах тутуулары көрүү чэрчитинэн Жатай бөһүөлэгэр тутулла турар орто оскуоланы көрдө. Тутуу хаамыытын көрөн баран үлэ болдьоҕуттан хаалыыны туоратарга сорудахтаата. 

Бэлиэтээн суруйдахха, оскуола тутуута Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн  саҕаламмыта. Эбийиэк «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак уонна 2023-2027 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэҕи сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тутуллар. Оскуола эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын уонна ХЭТ «ПроШкола» концессионнай сөбүлэҥ түһэрсиитин түмүгэр тутуллар. Былаан быһыытынан  эбийиэк сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.

— Оскуола тутуутун үлэтэ билиҥҥи туругунан, 30% эрэ бэлэм. Үлэ хаамыытыгар хаалыы баар. Онон түргэнник үлэ былаанын толорон, сыл бүтүөр диэри хаачыстыбалаах эбийиэк тутуллан бэлэм буолуохтаах, — диэтэ Ил Дархан. Билигин бастакы, иккис этээскэ монолитнай үлэҕэ колуонналар оҥоһуллубуттар.  Уопсайа 58 үлэһит уонна түөрт тиэхиньикэ үлэлиир. Уот, уу, гаас ситимин технологическай дуогабардара түһэрсиллибиттэр.

5 тыһыынча кэриҥэ кв.м. иэннээх үс этээстээх оскуолаҕа үөрэнэр кылаастары таһынан мэдиссиинэ, уйулҕа кэбиниэттэрэ, иистэнэр, уһанар мастарыскыайдар, аактабай саала, успуорт саалата, остолобуой оҥоһуллуохтара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр Саҥа дьыллааҕы түүн аҕыс оҕо күн сирин көрдө

Саҥа дьыллааҕы түүн биэс уол уонна үс кыыс күн сирин көрдүлэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил…

14 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Саха сирин ытык кырдьаҕаһа 105 сааһын туолла

Тохсунньу 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ саамай кырдьаҕас олохтооҕун Татьяна Сафонованы 105 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээтилэр. Киниэхэ дойду…

15 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ Саха сириттэн сылдьар байыаннай дьайыв байыастапа өрөспүүбүлүкэттэн Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар.…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Уһун өрөбүллэри хайдах туһалаахтык атаарыахха сөбүй?

Уһун кыһыҥҥы өрөбүллэр – үчүгэйдик сынньанар эрэ буолбакка, саҥаҕа холонон көрөргө, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ уонна…

17 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Сунтаар сэлиэнньэтигэр үс оҕолоох дьиэ кэргэн өлбүтүнэн холуобунай дьыала тэрилиннэ

Сунтаар сэлиэнньэтигэр биэс киһи өлбүтүнэн «икки уонна онтон элбэх киһини сэрэҕэ суохтан өлүүгэ тиэрдии» диэн…

17 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2026 сылга хайдах сынньанабыт: бырааһынньык уонна өрөбүл күннэр

Арассыыйаҕа бигэргэтиллибит халандаарынан, 2026 сылга биһигини 28 бырааһынньык уонна өрөбүл күннэрэ күүтэллэр. Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэр…

17 часов ago