Бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев социальнай суолталаах тутуулары көрүү чэрчитинэн Жатай бөһүөлэгэр тутулла турар орто оскуоланы көрдө. Тутуу хаамыытын көрөн баран үлэ болдьоҕуттан хаалыыны туоратарга сорудахтаата.
Бэлиэтээн суруйдахха, оскуола тутуута Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Эбийиэк «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак уонна 2023-2027 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэҕи сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тутуллар. Оскуола эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын уонна ХЭТ «ПроШкола» концессионнай сөбүлэҥ түһэрсиитин түмүгэр тутуллар. Былаан быһыытынан эбийиэк сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.
— Оскуола тутуутун үлэтэ билиҥҥи туругунан, 30% эрэ бэлэм. Үлэ хаамыытыгар хаалыы баар. Онон түргэнник үлэ былаанын толорон, сыл бүтүөр диэри хаачыстыбалаах эбийиэк тутуллан бэлэм буолуохтаах, — диэтэ Ил Дархан. Билигин бастакы, иккис этээскэ монолитнай үлэҕэ колуонналар оҥоһуллубуттар. Уопсайа 58 үлэһит уонна түөрт тиэхиньикэ үлэлиир. Уот, уу, гаас ситимин технологическай дуогабардара түһэрсиллибиттэр.
5 тыһыынча кэриҥэ кв.м. иэннээх үс этээстээх оскуолаҕа үөрэнэр кылаастары таһынан мэдиссиинэ, уйулҕа кэбиниэттэрэ, иистэнэр, уһанар мастарыскыайдар, аактабай саала, успуорт саалата, остолобуой оҥоһуллуохтара.
2026 сылга төлөбүрдэри былаан быһыытынан үрдэтии бары биэнсийэлээхтэри таарыйыа. Төлөбүр кээмэйэ уонна төһө чаастатык уларыйара,…
Майонезтаах салааттары сөпкө харайарга анаан хас да сүбэни таһаарабыт: 1. Сибиэһэй уонна хаачыстыбалаах бородууктаны туһаныҥ…
Өлөөн улууһун табаһыттарыгар ыарахан соҕус сыл ааста. Ол курдук, саас саркоптоз ыарыы кыыл табаттан сыстан,…
Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 7 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Өлүөхүмэ улууһун…
Илиҥҥи гороскуобунан, тохсунньу 26 күнүттэн Ат сыла саҕаланар. Дьөһөгөй оҕотун сыла саха дьонугар үтүө эрэ…
Саха сиригэр 2025 сылга 41 социальнай эбийиэк, ол иһигэр 15 үөрэхтээһин, 6 физкултуура уонна успуорт,…