Салгыы
Ил Дархан Аллайыахаҕа төрүт олохтоох нуучча сэлиэнньэтигэр сырытта

Ил Дархан Аллайыахаҕа төрүт олохтоох нуучча сэлиэнньэтигэр сырытта

Ааптар:
29.08.2024, 10:30
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев атырдьах ыйын 28 күнүгэр оробуочай сырыытынан Аллайыаха улууһугар  сырытта.

Командировка чэрчитинэн Арктикаҕа ыраах сытар Русскай Устье сэлиэнньэтигэр сырытта. Нэһилиэнньэлээх пуун Хотугу Муустаах акыйаан кытылыгар Чокурдаах оройуон кииниттэн 90 км хоту сытар. Манна 100-тэн тахса киһи олорор. Бастатан туран,  сэлиэнньэ төрүт олохтоох нуучча дьонунан биллэр. Манна нуучча төрүт олохтоохторо уһулуччулаах култуурунай- этнографическай бөлөҕүн быһыытынан биллэллэр.

Айсен Николаев олохтоох дьону кытта көрсөн сэһэргэстэ, кэккэ социальнай эбийиэктэргэ сырытта. Тыа сирэ төһө да ыраах сытарын иһин, эбийиэктэр бары үрдүк таһымнаах буолуохтаахтарын бэлиэтээтэ.

«Русскай Устье нэһилиэккэ сылдьарбын былааннаммытым ыраатта. Нэһилиэнньэ төһө да ыраах  тэйиччи сыппытын иһин,  салгыы сайдар. Бу кэрэ сир баайа — ураты дьоно-сэргэтэ, новгородскай первопроходецтарын удьуордара буолаллар. Кинилэр бары дьиҥнээх патриоттар, төрөөбүт сирдэрин, үгэстэрин харыстыыллар», — диэн Ил Дархан санаатын үллэһиннэ. Чуолаан, эрэгийиэн салайааччыта оскуола-оҕо уһуйааныгар сырытта. Оскуолаҕа 21 оҕо үөрэнэр, оҕо уһуйааныгар 5 оҕо сылдьар. Саҥа үөрэх дьылын көрсө манна быстах өрөмүөн ыытыллыбыт.

Кыстыкка бэлэмнэнии бэрэбиэркэлээһин чэрчитинэн социальнай эбийиэктэри уонна 40-тан тахса олорор дьиэни сылааһынан хааччыйар хочуолунайга сырытта. Эбийиэк 2019 сылга үлэҕэ киирбит. Бүгүн манна уматык емкостарын ууруу түмүктэнэр. Маннык сыаллаах Айсен Николаев дизельнэй ыстаансыйа үлэһиттэрин кытта көрүстэ. 335 кВт кыамталаах ДЭС 2013 сылга тутуллубут. Эбийиэктэри үлэлэтэргэ уматык кээмэйэ тиэрдиллибит. Ону сэргэ 2019 сылга тутуллубут фельдшерскэй- акушерскай пууну көрдө. Манна олохтоохтор суһал мэдиссиинэ көмөтүн, быһыы ылыахтарын, диспансеризацияны  ааһыахтарын сөп.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: