Ил Дархан “Амма” массыына суолугар аспаал, бетон ууруута саҕаланыытыгар кытынна

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн “Амма” массыына суолун 148-с уонна 155-с км учаастагар, барыта 7 км сиргэ аспаал, бетон ууруллуутун үлэтэ саҕаланарын биллэрдэ.  

“Бу улахан уонна дьоһуннаах бырайыак. “Амма” эрэгийиэн таһымнаах суол чугастааҕы сылларга Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн Амма улууһун Чапчылҕан сэлиэнньэтигэр диэри аспаалланыахтаах. Бу сыалга анаан 17 млрд. солк. кэриҥэ үп ирдэнэр. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак көмөтүнэн  биһиги бу соругу толоруохпут. Тустаах суол Амма уонна Илин Эҥэр улуустар сайдыыларыгар улахан суолталаах, суол аныгы ирдэбилинэн тутуллуоҕа уонна дьон олоҕун хаачыстыбатын лаппа тупсарыаҕа”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Күн бүгүн “Амма” эрэгийиэннээҕи суолга Мэҥэ Хаҥалас, Амма уонна Уус Маайа улуустарын сирдэринэн өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллаллар.

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин улуус бары олохтоохторун ааттарыттан Ил Дархаҥҥа махталын биллэрдэ.

“Аспаал суол үлэҕэ киириитэ улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан көҕү таһаарыаҕа. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын экэниэмикэтин ситимэ күүһүрүөҕэ, туризм уонна Амма улууһун атын хаһаайыстыбатын салаалара саҥа таһымҥа тахсыахтара”, – диэн Степан Кузьмин бэлиэтиир.

“Улуус суолугар аан бастакытын аспаал тэлгэниитэ салҕанар. Өрөспүүбүлүкэ суолун инфраструктуратын сайыннарыы былааныгар олоҕуран, 2028 сылга диэри “Амма” суолга барыта 159 килэмиэтир арҕаһы уурар былааннанар”, – диэн Алексей Гарагуля иһитиннэрдэ.

“Амма” суол уһуна 704,62 км тэҥнэһэр. “Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак иитинэн 2019-2023 сс. 87,1 км суолу ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥорбуттара. Саха сирин суолга үлэтин биэс сыллаах былааныгар олоҕуран, 2024-2028 сс. барыта 159 км уһуннаах 14 сиргэ үлэ ыытар былааннанар.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА,

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.  

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: арыгы иһэн баран массыына ыыппыт 10 киһи тутулунна

Ааспыт сууккаҕа аҕыс буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай дьыалалары…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Майа чоппуускалара хаһаайыннарын буллулар

Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Ирина  Карпова түргэнник ситэр салаа хайысхатын баһылаан, номнуо уопутурда.  Майа сэлиэнньэтин пресс-сулууспата…

41 минута ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Биэс күн устата ураһа таҥаһын тиктилэр (ВИДЕО)

Бэс ыйын 2-6 күннэригэр Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин "Надежда" түмсүү иистэнньэҥнэрэ Кыайыы ыһыаҕын көрсө нэһилиэк…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Үөрэххэ туттарсыы

Аны аҕыйах хонугунан, бэс ыйын 20 күнүттэн үрдүк, орто үөрэхтэргэ докумуону тутуу саҕаланар. Онон быйылгы үөрэххэ…

1 час ago
  • Гороскоп
  • Сонуннар

Күннээҕи гороскоп: бэс ыйын 7 күнэ

Сулустар тугу кэпсииллэр?  Астрологтар тугу билгэлииллэр ? Хой Туох барыта ыган кэлбитин кэннэ ситэрэр үгэскиттэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар уонна +23°

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Өрөспүүбүлүкэ хоту, хотугулуу-илин өттүгэр кыралаан ардыыр, сорох сиринэн инчэҕэй хаардаах,…

2 часа ago