Ил Дархан Аммаҕа байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытары көрүстэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Амма улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Александровтарга ыалдьыттаата.  Бу туһунан кини телеграмҥа ханаалыгар суруйда.

Ыал аҕата  уонна уоллара байыаннай дьайыы кыттыылаахтара. Ыал аҕа баһылыга Аҕа дойдутун көмүскүү 2022 сыллаахха сулууспалыы барбыт. Оттон уола хантараагынан сулууспалыыр. Бу күннэргэ уоллара уоппускатыгар кэлбит.

Байыаһы көрсөн олус үөрдүм уонна киниэхэ махтанным.   Элбэх оҕолоох ыал саамай кыралара сотору кэминэн 11 ыйын туолар. Кинилэргэ күүс-көмө биир дойдулаахтара буолаллар. Олох-дьаһах,  социальнай боппуруостарга.  Аҕалаах-уол төрөөбүт дойдуларыгар этэҥҥэ кыайыылаах-хотуулаах түргэнник кэллиннэр, — диэн Айсен Николаев телеграмҥа суруйда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

16 часов ago