Ил Дархан Анаабырга байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ

Share

Ил Дархан  Айсен Николаев Анаабыр улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ.

Байыас кэргэнэ  Нюана Михайловна  Айсен Николаевка кэпсээбитинэн, ыал аҕа баһылыга Гаврил Николаевич байыаннай дьайыыга   2022 сыл балаҕан ыйыттан сылдьар.

«Кэргэним Запорожскай хайысханан сылдьыбыта, танкист. Билигин кинини  атын  подразделениеҕа көһөрбүттэрэ. Бу сыл саҥатыгар Саха сириттэн киниэхэ тепловизор илдьибиттэрэ. Улахан өйөбүлү, көмөнү үлэлээбит тэрилтэтэ, кэлэктиибэ оҥорор», – диэн кэпсээтэ Нюана Михайловна.

Билигин ыал ийэтэ икки саастаах оҕотун көрөн олорор. «Биһиэхэ улуус дьаһалтата улахан күүс-көмө буолар. Ас-үөл нобуорунан, хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөллөр», – диэтэ.

Дьиэ кэргэн эрэгийиэннээҕи уонна  муниципальнай биир кэмнээх төлөбүрдэри ылан туһаммыт.

Айсен Николаев истиҥник дьиэ кэргэни кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ уонна байыаска эҕэрдэтин тириэрдэргэ көрдөстө.

«Гаврил Николаевич ДНӨ баар тирэх пууҥҥа сибээскэ таҕыстаҕына, киниэхэ күүс-көмө буолуохтара», – диэн эттэ көрсүһүү кэмигэр Ил Дархан.

Айсен Николаев байыас дьиэ кэргэнэ куортамнаан олорор дьиэлэрин усулуобуйатын көрөн баран, олохтоох былааска кылгас кэм иһигэр социальнай наймылаһыы бэрээдэгинэн толору хааччыллыылаах дьиэнэн хааччыйарга эттэ.

https://t.me/aisen_nikolaev
What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

1 час ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

2 часа ago