Ил Дархан Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлиир

Share

БЭЧЭЭТ, СОНУННАРЫ КИЭҤНИК ТАРҔАТАР СИРИЭСТИБЭЛЭР ЫТЫКТАБЫЛЛААХ ҮЛЭҺИТТЭРЭ, БЭТЭРЭЭННЭРЭ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Арассыыйа бэчээтин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

1703 сыл тохсунньу 13 күнүгэр «Ведомости» диэн Арассыыйа бастакы хаһыата тахсыбыта. Бу күн эһиги – саҥа Арассыыйа сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин уонна бэчээтин үлэһиттэрэ устуоруйа утумун кэрэһилиир идэлээх бырааһынньык­кытын бэлиэтиигит. Төһө да кэм-кэрдии уларыйдар-тэлэрийдэр, буола турары хайдах баарынан сырдатар сытыы тылга уонна бөрүөҕэ сулууспалааччылар үлэлэрин-хамнастарын дьоһун суолтата сыппаабат. Эһиги баар буолаҥҥыт дьон-сэргэ дойдубутугар, аан дойдуга барытыгар туох буола турарын билэр-көрөр, анаарар уонна тирээн турар кыһалҕаларга бэйэлэрин санааларын чопчулуур кыахтаахтар. Дьон-сэргэ эһигиттэн өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдубутугар уонна аан дойдуга олох-дьаһах туһунан бары өттүттэн кырдьыктаахтык сырдатар матырыйааллары эрэйэр.

1887 сыллаахха «Якутские епархиальные ведомости» диэн хаһыат тахсыбыта, 1892 сылтан «Якутские областные ведомости» диэн хаһыат баар буолбута. Оттон бүгүн Саха сиригэр сонуннары киэҥник тарҕатар 32 электроннай, 92 бэчээт, 84 ситим – уопсайа 208 сириэстибэ баар. Кинилэр бары былааһы уонна уопсастыбаны ситимниир күүс буолан, эрэгийиэн олохтоохторун долгутар кыһалҕалаах боппуруостары быһаарарга көмөлөһөн, иһитиннэрии киэҥ эйгэтин тэрийэргэ тус кылааттарын киллэрэллэр.

Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрбит кылгас кэм иһигэр сыыппараҕа көһүү суолугар үктэннилэр. Саҥа технологиялар олохпутун бүтүннүүтүн уларыталлар. Инники олохпут эһигиттэн быһаччы тутулуктаах. Суруйан, дьиҥ олоҕу устан дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар, иһитиннэ­риини тиэрдэр дьон – эһиги сабыдыалгыт олус күүстээх.

Биллэн турар, тосту-туора сыаннастары биһиэхэ сыҥалыыр күүстэри кытта туруулаһар кэммитигэр уопсастыбаны сомоҕолуурга хас биирдии суруналыыс гражданин быһыытынан тус санаатын биллэрэрэ хаһааҥҥытааҕар да дьоһун суолталаах. Байыаннай дьайыы туһунан кырдьыктаах уонна суһал сырдатыы кырдьыгы быһаарарга, сымыйаны саралыырга улахан төһүү буолар. Онуоха байыаннай кэрэспэдьиэннэр тутаах оруоллаахтар. Кинилэр кыргыһыы инники кирбиититтэн бэйэлэрин репортажтарыгар, суруйууларыгар Саха сирин буойуннарын сулуус­паларын, хорсун быһыыларын туһунан тиһигин быспакка кэпсииллэрэ кыайыыга эрэлбитин бөҕөргөтөр. Кинилэр эмиэ буойуннар – барыларын кытта бииргэ, ардыгар олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ, кырдьык туһугар уонна барыбыт кэскилбит иһин охсуһаллар. Манна даҕатан эттэххэ, эрэгийиэннэр ортолоругар байыаннай кэрэспэдьиэннэр ахсааннарынан өрөспүүбүлүкэбит инники күөҥҥэ сылдьар.

Күндү доҕоттор! Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдарын туһугар дьоһун суолталаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин.

Ис сүрэхпиттэн айымньылаах үлэни, бэриниилээх ааҕааччылары, истээччилэри уонна көрөөччүлэри, ситиһиилэри баҕарабын! Тус бэ­­йэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, эйэни, үтүөнү, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
Айсен НИКОЛАЕВ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

30 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago