Ил Дархан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быһа лииньийэтин туһунан санаатын эттэ

Share

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэ уонна быһа лииньийэ холбоһуктаах көрүҥүнэн 2023 сыл түмүгүн таһаарда. Эпиир 4 чаастан  тахса буолла. Бу кэм устата бэрэсидьиэн дойду олохтоохторун, олохтоох уонна тас дойдулар сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэрин 67 ыйытыытыгар хоруйдаата. Ыйытыылары  быһа лииньийэ  икки нэдиэлэ иннинэ саҕалаабыттарын учуоттаатахха, Арассыыйа олохтоохторуттан, ол иһигэр Саха сириттэн барыта 2 мөл. тахса ыйытыы киирдэ.

Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар быһа лииньийэ туһунан санаатын үллэстэригэр дойду баһылыгын уонна Арассыыйа олохтоохторун аһаҕас кэпсэтиитэ  тэрилиннэ диэн бэлиэтээтэ.

Быһа лииньийэ кэмигэр кини саамай сытыы ыйытыыларга хоруйдаата уонна чопчу сорудахтары биэрдэ. Саха сирин олохтоохторугар суолталаах сонунунан, бэрэсидьиэн сөмөлүөтүнэн көтүүгэ чэпчэтии уонна чэпчэтиилээх ипотека туһунан этиитэ буолла. Саха сиригэр өссө биир суолталаах көҕүлээһин – доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн өйүүр национальнай бырайыагы уһатыы. Бу хайысхаҕа үгүс үлэ оҥоһулунна. Холобур, соторутааҕыта Владимир Владимирович, хааччыллыытынан дойду мэдиссиинэҕэ бастыҥ тэрилтэлэриттэн хаалсыбат  Таатта улууһугар аныгы поликлиника үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыбыта. Саха сирэ уонна Уһук Илин барыта салгыы сайдарыгар суолталаах, илин диэки хайысханан тырааныспар инфраструктуратын боппуруоһун сайыннарыы эмиэ этилиннэ. Бу соруктар  бэрэсидьиэн болҕомтотун киинигэр сылдьаллар”, — диэн Ил Дархан суруйда.

Айсен Николаев Саха сирэ дойду сайдыытыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрэр диэн бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэ ахсаана эбиллиитинэн Уһук Илиҥҥэ бастакы уонна дойдуга сэттис, уокурукка социальнай гаастааһыҥҥа бастакы, сыыппара киириитинэн уонна креативнай экэниэмикэҕэ дойду лидердэриттэн биирдэстэрэ буолар.

Быһа эпииргэ Владимир Путин Арассыыйаҕа саамай сүрүннэринэн турар соруктары ааттаталаата. Бу суверенитеты бөҕөргөтүү, көмүскэнэр кыахтаныы, куттал суох буолуута, гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин хааччыйыы.

“Саамай сүрүнэ – суверенитеты бөҕөргөтүү. Ол эрээри, бу олус киэҥ өйдөбүл. Тас суверенитеты бөҕөргөтүү, ол аата дойду  көмүскэнэр кыаҕын, куттал суох буолуутун бөҕөргөтүү. Уопсастыбаннай суверенитеты бөҕөргөтүү диэн дойду гражданнарын бырааптарын, көҥүллэрин булгуччу хааччыйыы, биһиги бэлитиичэскэй систиэмэбитин, парламентаризмы сайыннарыы буолар”, — диэн дойду баһылыга быһаарда.

Владимир Путин Арассыыйа экэниэмикэтин туруктаах сөптөөх саппааһа баарын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук, экэниэмикэ үрдээһинин саамай бастыҥ көрдөрүүтэ – ис валовай бородуукта үрдээһинэ, сыл бүтүүтэ 3,5 бырыһыаҥҥа тиийэрэ күүтүллэр. Бу үчүгэй көрдөрүү диэн бэрэсидьиэн эттэ. Дойду лидерин чахчытынан, бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы 3,6 бырыһыан, оҥорор бырамыысыланнас үрдээһинэ – 7,5 бырыһыан, маннык көрдөрүү көстүбэтэҕэ ыраатта. Сүрүн хапытаалга инвестициялааһын үрдээһинэ 10 бырыһыаҥҥа тэҥнэһиэҕэ, тэрилтэлэр барыстара – 24 бырыһыаҥҥа, хамнас үрдээһинэ – 8 бырыһыаҥҥа чугаһыыр, үлэтэ суох буолуу ахсаана 2,9 бырыһыаҥҥа диэри кыччаата. “Арассыыйа устуоруйатыгар хаһан даҕаны маннык суоҕа. Бу экэниэмикэ туругун олус үчүгэй интегрированнай көрдөрүүтэ”, — диэн кини бэлиэтээтэ.

Владимир Путин  байыаннай эпэрээссийэ соруктара уларыйбаттарын ыйда – бу денацификация, демилитаризация уонна Украина  нейтральнай таһыма (статус).

Сорох ыйытыылар саҥа эрэгийиэннэр сайдыыларын таарыйдылар. Бэрэсидьиэн бу сирдэри сайыннарыыга федеральнай бүддьүөккэ 1 трлн. солк. тахса үп көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ, маныаха саҥа эрэгийиэннэр бүддьүөккэ быйыл 170 млрд. солк. төлөөтүлэр, “бу тустаах эрэгийиэннэр экэниэмикэлэрэ чөлүгэр түһэн эрэрин этэр” диэтэ.

Ону тэҥэ, хас даҕаны иһитиннэрии, ол иһигэр дойдуга мобилизация иккис долгуна буолбатын, оттон доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕэр саҥаны киллэрии бырагыраамата салҕаныан туһунан этилиннэ. “Земскэй дуоктар” бырагырааманан быраастарга Уһук Илин холобурун курдук төлөбүрү үрдэтии 2 мөл. солк. диэри үрдэтэр ирдэнэрин туһунан этилиннэ, оттон биэлсэрдэргэ – 1 мөл. солк. диэри.

Норуоттар икки ардыларынааҕы бэбиэскэ таарылынна: Европа суверенитетын боппуруостара, Палестина — Израиль иирсээннэрэ, АХШ-га Уиланы уонна Гершковиһы биэрии, Нагорнай Карабах кыһалҕата, Турцияны, Францияны уонна Кытайы кытта сыһыан. Ол курдук, “Синьхуа” кытай суруналыыһын ыйытыытыгар хоруйдууругар дойду лидерэ Арассыыйа Федерацията КНӨ кытта бииргэ үлэлэһиитин таһыма туох да холооно суох үрдүгүн, икки дойду сыһыана аҕыс магистральнай хайысханан сайдарын иһитиннэрдэ.

Дойду баһылыга суруналыыстар судаарыстыба социальнай бэлиитикэтин,  байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр, ОДьКХ сыанатын, гаастааһын, солкуобай курсун, ас-үөл хааччыллыыта, олохтоох массыыналары оҥоруу, кардиокииннэри тутуу  туһунан ыйытыыларыгар хоруйдаата. Арассыыйа олохтоохторо бары ыйытыыларга хоруйдары ылыахтара диэн бэлиэтээтилэр.

 Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago