Салгыы
Ил Дархан Арассыыйа уонна Казахстан сүрүн онкологтарын кытары көрүстэ

Ил Дархан Арассыыйа уонна Казахстан сүрүн онкологтарын кытары көрүстэ

01.08.2024, 17:35
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка атырдьах ыйын 1-3 күннэригэр «Актуальные вопросы оказания онкологической помощи на территориях с малой плотностью населения» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ ыытыллар.

Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн Ил Дархан Айсен Николаев  Арассыыйа уонна Казахстан сүрүн онкологтарын кытары көрүстэ.

«Биһиги онкология эйгэтигэр аан дойду таһымнаах эспиэрдэртэн ыарыыны эрдэтээҥи түһүмэҕэр булар саҥа технологияларга үөрэнэрбитигэр улахан кыах баар. Ыарыы сайдар чахчыларын билэр улахан суолталаах. Биһиги эрэгийиэммитигэр ыарыы 3 төгүл элбээбитин бэлиэтиибин”, — диэн Айсен Николаев көрсүһүүгэ эттэ.

Ил Дархан Уһук Илиҥҥэ биир улахан киин Дьокуускайга арыллыбытынан, Саха сирин олохтоохторо эрэгийиэнтэн бара сатаабакка,  хайыы үйэ үрдүк технологиялаах көмөнү ылалларын бэлиэтээн эттэ. Онуоха Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөһүнүнэн,  сөптөөх усулуобуйа уонна кыахтаах тиэхиньикэлэр, аныгы тэриллэр бааллар, Киин үрдүк таһымнаах каадырдарынан  хааччыллыылаах.

Көрсүһүү кэмигэр ону сэргэ Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ  салгыы бииргэ үлэлээһин кэскиллэрин уонна онкология сулууспатын сайдыытын дьүүллэстилэр.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева Онкология киинэ  нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах уонна табыгастаах көмөнү оҥорорго көмөлөһөр инники иһэр быраактыкалары  туһанан олоххо киллэрэргэ дьулуһарын туһунан эттэ.

Онкология исписэлиистэрин түмэр кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэҕэ үсүһүн ыытыллар.  Саха сирэ, тырааныспарка сыһыаннаан эттэххэ,  олус ыраах сытар уонна  ыарахан суоллаах эрэгийиэҥҥэ киирсэр. Ол иһин,  ыарыыны эрдэттэн булуу уонна кэмигэр эмтээһин, мэдиссиинэ табыгастаах уонна хаачыстыбалаах көмөтүн оҥоруу стратегическай суолталаах.

+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: