Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
— Ийэ дойдуларын көмүскээн байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолордоох ийэлэргэ, дьиҥнээх патриоттары, хорсун хоодуот байыастары иитэн таһаарбыккытыгар махтанабын.
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын харыстааһын — РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бэлиэтиир национальнай приоритеттарыттан биирдэстэрэ
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бу сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр өссө элбэх өйөбүлү ыллылар.
Кэлиҥҥи сылларга ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйэ улаатан, бүгүн 23 млрд кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ.
Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал үлэлиир.«Высшая благодарность матери» бэлиэ хаһаайыттарыгар биир кэмнээх харчынан төлөбүр туттарыллар.
Ийэ баар буолан олохпут салҕанар, удьуор тэнийэр, дьол-соргу тосхойор. Ийэ күнүнэн! Эһиги дьиэҕит оҕо саҥатынан, дьолунан, чугас дьоҥҥут тапталларынан туоллун. Хас биирдии ийэҕэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! — диэн эҕэрдэтигэр этэн туран,
Дуунньукка - бу кини таптал аата. Балтым Евдокия Дьокуускайдааҕы Култуура уонна урамньы кыһатын төрүт култуура…
Бу күннэргэ мессенджеринэн, социальнай ситимнэринэн: “Забайкальеҕа пастереллёз өрө туран, Бурятияҕа ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимин биллэрдилэр”…
Түөкүттэр саҥаттан саҥа албастары толкуйдаан, дьонтон харчыларын суйдуу олороллор. Ол курдук, хара санаалаах дьон эмсэҕэлээччигэ…
Бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, куорат үрдүнэн быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтэ буоларынан сибээстээн, Дьокуускай куоракка күн…
Бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр хаардыаҕа. Хотугулуу-арҕаа өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Муора…
Александр Бастрыкин Светлай бөһүөлэгэр бэйдиэ сылдьар ыттар үөрдэрэ саастарын ситэ илик оҕолорго саба түспүт чахчытынан…