Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
— Ийэ дойдуларын көмүскээн байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолордоох ийэлэргэ, дьиҥнээх патриоттары, хорсун хоодуот байыастары иитэн таһаарбыккытыгар махтанабын.
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн үгэс буолбут сыаннастарын харыстааһын — РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бэлиэтиир национальнай приоритеттарыттан биирдэстэрэ
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бу сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр өссө элбэх өйөбүлү ыллылар.
Кэлиҥҥи сылларга ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйэ улаатан, бүгүн 23 млрд кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ.
Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал үлэлиир.«Высшая благодарность матери» бэлиэ хаһаайыттарыгар биир кэмнээх харчынан төлөбүр туттарыллар.
Ийэ баар буолан олохпут салҕанар, удьуор тэнийэр, дьол-соргу тосхойор. Ийэ күнүнэн! Эһиги дьиэҕит оҕо саҥатынан, дьолунан, чугас дьоҥҥут тапталларынан туоллун. Хас биирдии ийэҕэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын! — диэн эҕэрдэтигэр этэн туран,
81 сыл буолан баран, эһээтин уҥуоҕун булбут байыас Валерий Петровка байыаннай сулууспа диэн тус…
Бүгүн субуота, сынньалаҥ үтүө күнэ. Ыксаабакка, сүүрбэккэ-көппөккө, дуоһуйа сынньаныҥ. Чугас дьоҥҥут аттыгар буолуҥ, сүрэххит этэрин…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Соҕуруулуу-арҕаа, илин улуустарга, Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө кыра хаардаах буолара күүтүллэр. Арктика…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Ахсынньы 22 күнүгэр алыптаах Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө, А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Саҥа дьыллааҕы…
Мииринэй куоракка борокуратуура 820 тыһ. солк. суумалаах арыгынан суокуоннай суохтук эргиниинэн холуобунай дьыаланы суукка ыытта.…