Ил Дархан Астанаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр монуменнарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда

Share

Бүгүн, муус устар 19 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ Астана куоракка Аҕа дойдуну көмүскээччилэр монуменнарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Андрей Сорокин хаартыската, СИА.

Бу тэрээһиҥҥэ Астана куорат Алматы оройуонун акима Саматулы Максат кыттыыны ылла. Кини СӨ аҕа баһылыгар монумент уонна Аҕа дойду улуу сэриитигэр хорсуннук кыттыбыт казах буойуннарын туһунан кэпсээтэ.

37,5 миэтэрэ үрдүктээх монумент «Отан коргаушылар» диэн болуоссакка баар. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар 1,3 мөл. тахса казах сэриигэ барбытыттан, аҥаардара сэрии толоонугар охтубут. 500-тэн тахса казах Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк аатын сүкпүтэ.

101 колостан турар стела Казахстааҥҥа олорор араас омук доҕордоһуутун туоһулуур. Стела ортотугар көмүс чааскылаах дьахтар турар — бу Ийэ дойду уобараһа.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
3
+1
2
+1
0
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago