Ил Дархан ат сүүрдүүтүн кыайыылааҕар 2,5 мөлүйүөнү туттарда
Туймаада ыһыаҕар Ил Дархан бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ буолла. Уопсай бириис пуондата — 6 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобай.
Ил Дархан бирииһэ 2400 миэтэрэҕэ 4 саастарын ааспыт, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт ыраас боруода хааннаах аттарга Ламан Леча (Строд аатынан ТХПК, Амма улууһа) кыайда. Тириэньэр-жокей — Спиридон Тимофеев. Кини 2 мүнүүтэ 38,26 сөкүүндэ көрдөрүүлээх. Айсен Николаев кыайыылаахха 2,5 мөлүйүөн солкуобайдаах сэртипикээти туттарда.
Иккис бирииһи — 1,25 мөлүйүөн солкуобайы Чурапчыттан Болотоков Кинээс ылла. Үһүс миэстэни — Намтан Аутлендер (750 тыһыынча солкуобай), төрдүһү — Сунтаартан Байсар Барс (500 тыһыынча солкуобай).
Ону тэҥэ, 1000 м («Сайыҥҥы» бириис) 2 саастарын туолбут, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт ыраас боруода хааннаах сылгылар уонна 2 саастарын ааспыт ыраас боруода аттар («Критериум» бириис) сүүрдүлэр.
«Югория» уонна «РИК Плюс» бириистэргэ 1600 м 3 саастарын туолбут, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт ыраас боруода хааннаах аттар сүүрдүлэр.
Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтүн спонсордарынан — «Алмаасэргиэнбаан», «Саханефтегазсбыт», «Полярные авиалинии», «Югория», «НХЗ ГРУПП» тэрилтэлэр, СӨ бырабыыталыстыбата буоллулар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалататын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: