Ил Дархан Авиация уонна космонавтика күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Share

Айсен Николаев  бэйэтин эҕэрдэтигэр бу бырааһынньык биһиэхэ халлаан куйаарын үөрэтиигэ киһи аймах сүҥкэн ситиһиилэрин санатарын бэлиэтээтэ.

Айсен НИКОЛАЕВ: «Оруобуна 63 сыл анараа өттүгэр, 1961 сыл муус устар 12 күнүгэр Юрий Гагарин  киһи аймах устуоруйатыгар үйэлэргэ хаалар хорсун быһыыны оҥорбута. Быйыл Юрий Гагарин төрөөбүтэ 90 сылын туолла. Кини космоска көтүүтэ  аан дойду бары мөлүйүөнүнэн дьонун санаатын көтөхпүтэ   уонна космоһы чинчийэргэ саҥа эраны арыйбыта.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр космонавтикаҕа интэриэс өйөнөр. Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылларын чэрчилэринэн кулун тутар 26-28 күннэригэр Дьокуускайга С.П.Королев аатынан ыччаттарга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы наука III аһаҕас ааҕыылара саҕаламмыттара.  Сүүмэрдиир түһүмэххэ Арассыыйа 700-тэн тахса үөрэнээччитэ кытынна, 380-тан тахса үлэ талылынна.

Соторутааҕыта биһиги оҕолорбут – Наука Дьоҕус академиятын «КосмоМАНиЯ» аан дойдутааҕы үөрэх бырагырамаатын кыттыылаахтара Саха сирин устуоруйатыгар бастакы стратосфернай спутнигы толкуйдаан, 31500 миэтэрэ үрдүккэ  көтүппүттэрэ. Спутниктан ылыллыбыт чахчылар оҕолор бырайыактарын үөрэтиигэ уонна  сайыннарыыга туһаныллыахтара. Бырагырааманы Арассыыйа наукаҕа сүрүн үөрэҕин тэрилтэлэрин кытары үлэлэтэллэр.

Космонавтика баар буолуоҕуттан ыла үгүс киһи кэрэхсэбилин ылбыта. Холобур, энтузиаст, Уус Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолатын географияҕа эдэр учуутала  Иван Жирков көмөтүнэн 1974 сыллаахха  Саха сиригэр космонавтика уонна авиация бастакы уонна соҕотох түмэлэ аһыллыбыта. Мусуой быйыл 50 сылын туолар! Арассыыйа космонавтикатын түмэллэрин ассоциациятын чилиэнинэн буолар бу түмэл  7 тыһыынчаттан тахса дьикти уонна сэдэх экспонаттаах”,- диэтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

14 часов ago