Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттарын уонна СӨ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытары оробуочай мунньаҕы ыыттта. Мунньахха билигин ордук суолталаах боппуруоһу – биһиги байыаннай сулууспалаахтарбытын өйөөһүн туһунан дьүүллэстилэр.
Быйыл байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтэ тэриллибитэ. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн Александр Григорьевич Подголов талыллыбыта. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, норуодунай дьокутааттар ортолоругар байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара – Саха сириттэн Арассыыйа бастакы дьоруойа Александр Гаврильевич Колесов уонна “Барс-2” батальон хамандыыра, “Хорсунун иһин уордьан” кавалера Василий Иванович Егоров бааллар. Ону сэргэ кэмитиэт чилиэннэрэ, норуодунай дьокутааттар Иван Петрович Луцкан уонна Светлана Николаевна Давыдова байыаннай эпэрээссийэ бастакы күннэриттэн Донбасс олохтоохторугар уонна биһиги байыастарбытыгар улаханнык көмөлөспүттэрэ. Онтон норуот дьокутааттара Николай Дмитриевич Бугаев уонна Виталий Семенович Чикачев — байыаннай сулууспалаахтары өйөөһүҥҥэ уонна саҥа эрэгийиэннэри чөлүгэр түһэриигэ биир саамай көхтөөх үлэлээх дьон.
Айсен Николаев биһиги байыастарбытыгар тустаах көмөнү оҥорбут уонна оҥоро сылдьар норуот дьокутааттарыгар улахан махталын биллэрдэ.
Ыллыктаах кэпсэтии түмүгэр биһиги байыаннай сулууспалаахтарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүнү өссө хайдах тупсарарга санааларын үллэһиннилэр, сонун этиилэри киллэрдилэр.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…