Ил Дархан байыаннайдар дьиэ кэргэннэригэр көмөнү тэтимирдэргэ сорудахтаата

Share

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын кытта нэдиэлэ аайы ыытыллар былаанныыр мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев кэлэр нэдиэлэ соруктарын туруорда. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ 2023 сыллааҕы бүддьүөтүн таҥыы уонна байыаннай сулууспаҕа барбыт дьон дьиэ кэргэннэригэр төлөбүрү тиэрдиини, өйөбүл миэрэлэрин олоххо киириилэрин тэтимирдэр туһунан кэпсэттилэр. 

Бүддьүөт маҥнайгы ааҕыыта утары куолаһа суох ааспыта, ол эрэн иккис ааҕыытыгар этиллибит көннөрүүлэри учуоттаан, кэккэ үлэни ыытыах тустаахпыт. Бастатан туран, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах боппуруостары. Үөскээбит уустуктары аахсыбакка, социальнай эйгэҕэ бигэ туругу харыстыах уонна туруоруллубут соруктары олоххо киллэриэх тустаахпыт. Ону кытта ааһан эрэр сыл бүддьүөтүгэр көннөрүүлэри киллэрии үлэтин Ил Түмэн дьокутааттарын кытта ыытаргытыгар көрдөһөбүн”, — диэн Ил Дархан сүрүн соруктары туруорда.

Хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэннэригэр биир кэмнээх төлөбүрү ыытыы болдьоммут кэмиттэн уһаан эрэрин Ил Дархан эттэ. Эрдэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бу төлөбүрдэр байыаннай чаастан бигэргэтии кэлэриттэн тутулуктаах диэн эппитэ. Үлэ министиэристибэтэ бу кыһалҕаны кытта үлэлэһэр, билигин испииһэктэри бэрийэн түмүктээн эрэрин биллэрдэ.

Социальнай өйөбүл миэрэлэрин тиксэрии үлэтин муниципальнай таһымҥа эмиэ түргэтэтиэххэ наада. Айсен Николаев туһааннаах хайысхаҕа үлэлиир биэдэмэстибэлэргэ оскуолаларга босхо итии аһылыгынан хааччыйыыга, уһуйааннарга миэстэ көрөөһүҥҥэ, устудьуоннарга анал стипендияны анааһын боппуруостарыгар муниципалитеттары кытта бииргэ үлэлээһини күүһүрдэргэ сорудахтаата.

Уопсастыбыннай тэриллиилэри, байыаннайдар ийэлэрин кытта алтыһыы үлэтин, бааһырбыт байыастарга көмөнү тиһигин быспакка ыытар туһунан Ил Дархан туспа тоһоҕолоон эттэ.

Маны кытта Ил Дархан социальнай эбийиэктэри тутууга федеральнай киинтэн эбии үбүлээһин туһунан быһаарыы тахсыбытын туһунан биллэрдэ. Бу Биир кэлим Уһук Илиҥҥи субсидия чэрчитинэн кэлэр үп буолар. Саха сиригэр бу субсидия көмөтүнэн Горнай улууһугар Атамайдааҕы сынньалаҥ киинин уонна Үөһээ Бүлүүгэ Барахов аатынан култуура киинин тутуу саҕаланыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago