Ил Дархан Айсен Николаев Сунтаар улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ. Эр киһи былырыын күһүн мобилизацияламмыт.
Байыас дьиэ кэргэнэ Элгээйи сэлиэнньэтигэр олорор. Кэргэнэ Татьяна Алексеевна, оҕолоро Арина уонна Максим аҕаларын кэтэһэллэр. Көрсүһүүгэ Татьяна кэргэнин кытта сибээһи быспакка мэлдьи кэпсэтэрин туһунан эттэ.
«Кинилэри үчүгэйдик хааччыйаллар, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ опорнай пуунуттан гуманитарнай көмө мэлдьи оҥоһуллар. Уоппускаҕа наһаа күүтэбит», — диэн ыал ийэтэ бэлиэтээтэ.
Байыас дьиэ кэргэнэ үп-харчы өттүнэн өйөбүлү ылар, итиэннэ олох-дьаһах кыһалҕаларын быһаарыыга муниципалитет уонна уопсастыбыннай түмсүүлэр куруук көмөлөһөллөр. Ону сэргэ волонтердар иһэр уу, оттук мас бэлэмнээн биэрбиттэр.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…