Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Ил Дархан Эдьигээҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын уолун төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
Ил Дархан Эдьигээҥҥэ үлэтинэн тиийэ сылдьан, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр сырытта, байыас ийэтин, кэргэнин уонна оҕолорун кытары көрүстэ.
Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга былырыын алтынньыга хомуурга барбыт. Оттон быйыл сайын кини быраата хантараагынан сулууспалыы барбыт. Дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ кэпсээбитинэн, кэргэнэ бэбиэскэни тутаат, саараҥнаабакка, барарга быһаарыммыт.
Ыал икки уоллаахтар. Улаханнара радиомеханик идэтин ылбыт, кыралара быйыл оскуоланы саҥа бүтэрбит уонна коммунальнай-тутуу тиэхиньикумугар үөрэниэн баҕарар.
«Муус устарга аҕабыт кылгас уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыта. Оттон билигин, бааһыран байыаннай госпитальга сытар. Сибээстэһэ олоробут. Нэһилиэк олохтоохторо, кэллиэгэлэрбит, сэлиэнньэ биһиэхэ көмөлөһөллөр, өйөбүл буолаллар. Кэргэним үлэлээбит тэрилтэтэ материальнай көмөнү оҥорбута«, — диэн оҕолор ийэлэрэ кэпсиир.
Судаарыстыба көмөтүнэн, өйөбүлүнэн дьиэ кэргэн туһанар. Бырааһынньыктарга ас-үөл биэрэллэр. Кыһын #МЫВМЕСТЕ хамсааһын Эдьигээннээҕи салаатын волонтердара муус ылан биэрбиттэр.
Көрсүһүү күнүгэр байыас уола 18 сааһын туолла. Ил Дархан уолу төрөөбүт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна байыастар оҕолоро үрдүк, орто анал үөрэххэ киирэллэригэр чэпчэтиинэн, өйөбүлүнэн туһаналларын эттэ.
Санатан эттэххэ, быйыл Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар үрдүк үөрэх кыһатыгар 400-тэн тахса бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Урут оҕо сылдьан аҕабынаан убайбытыгар окко көмөлөhөрбүт. Киэhэ алааспытыгар, үүтээн таhыгар утуйаары сылдьан бары остуолга…
Хаҥалас улууһун 58 саастаах олохтооҕо быраатын өлөрөн, РФ Холуобунай кодексын 105 ыст. 1 ч. сууттанна. …
Өрүү сакалаат сиэххин, кофе иһиэххин баҕарар буоллаххына, эйиэхэ магнийдаах бородуукта тиийбэт диэн исписэлиистэр этэллэр. Оттон…
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра бу айар сылга ураты суолталаах премьераны бэлэмниир. Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх…
Бу нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка 32 суол быһылаана тахсан, 3 киһи араас эчэйиини ыллылар. Бу туһунан …
Саха сиригэр былырыын иллэрээ сыллааҕар элбэх турист кэлэн барда. СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ…