Ил Дархан бастакы уочараттаах соруктары туруорда

Share

Бүгүн, муус устар 3 күнүгэр,  Ил Дархан  Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар   бастакы уочарат быһаарыллыахтаах сорудахтары күннээҕи бэбиэскэҕэ туруорда. Олор истэригэр: национальнай бырайыактар чэрчилэринэн түһэриллиэхтээх хантараактары түмүктүүр үлэ, массыына суолунан таһаҕаһы тиэйии, халааны уонна ойуур баһаардарын сэрэтии үлэлэрэ, сылгы уонна сүөһү кыстыга.

Үүммүт сыл бастакы чиэппэрэ түмүктэннэ. Контрактация үлэтин түмүктүүр кэм кэллэ. Бу тутуу эрэ эйгэтигэр сыһыаннаах буолбатах, национальнай бырайыактар чэрчилэринэн туһаныллыахтаах тэриллэри атыылаһыыга эмиэ сыһыаннаах”, — диэн эттэ Айсен Николаев.

Ону кытта Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ кэккэ улахан суолталаах быһаарыы ылбытын учуоттуур туһунан тоһоҕолоон эттэ. Ол курдук, муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри сааскы хомуур ыытыллар. Былааннаммыт үлэни бу хайысхаҕа хонтуруолга ылар туһунан этилиннэ. 

Дойду дьаһалтата Уһук Илиҥҥи куораттарга табыгастаах эйгэ оҥоруутугар көҕүлээһиннэр  туһунан уураах таһаарбытын туһунан этилиннэ. “Бу уураахха биһиги туруорсууларбыт, көрдөһүүлэрбит учуоттаммыттар. Юрий Петрович Трутнев көмөтүнэн бу докумуон үлэҕэ киирдэ, Бэрэсидьиэн сөбүлэҥин ылла. Онон, мантан ыла Уһук Илиҥҥи куораттарга бастыҥ бырайыактары талар туспа куонкурус ыытыллар буолар”, — диэн үөрүүлэх сонуну Айсен Николаев бырабыыталыстыба чилиэннэригэр тиэртэ.

Уураахха субсидиялары анааһын быраабылалара ыйыллыбыттар. Биир күрэх ыам ыйын иннинэ ааһыахтаах. Бастыҥ бырайыактар 2023-2024 сс. олоххо киириэхтээхтэр. Иккис күрэх бу сыл сэтинньититтэн хойутааһына суох ыытыллыахтаах. Онно өссө 50 бырайыак талыллыахтаах. Бастыҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ көрүллэр субсидиялар орто кээмэйдэрэ 100 мөл. солк. кэриҥэ. Күрэххэ 250 тыһ. кыра нэһилиэнньэлээх куораттар икки ардыларыгар ыытыллар. Ону тэҥэ күрэххэ 5 тыһ. ордук нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр кыттыыны ылыахтарын сөп.

Хайаан да бу күрэхтэргэ кыттыыны ылах тустаахпыт. Муниципалитеттарга сөптөөх көмөнү оҥорор булгуччулаах”, — диэн эттэ Ил Дархан.

А. Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Дьиэ кэргэн сылынан төрөппүттэргэ уонна оҕолорго өйөбүл миэрэ салҕанар

Саҥа өйөбүл миэрэлэр туһунан дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта мунньаҕар кэпсээтэ. Бу туһунан…

29 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Полиция үлэһиттэрэ күнүүлээн такси массыынатын түннүгүн алдьаппыт уорбаланааччыны быһаардылар

Жатай полициятыгар таксист билбэт киһим эрдэттэн оҥостон үлэлиир массыынабын алдьатта диэн иһитиннэриилээх тиийбит. Сайаапканы суруйааччы…

59 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ил Дархан Рома Марков Саҥа дьыллааҕы баҕа санаатын толордо

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Ил Дархан оробуочай сырыынан Таатта улууһугар  үлэлээтэ. Айсен Сергеевич Ытык Күөлгэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахтар эр киһиттэн көрдөрбүтүнэн харчытын уорбут

Ньурба улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи кэлэн киниттэн 6 тыһ. солк. аһаҕастык уорбуттарын туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар

Тэйиччиттэн угуйугу тарҕатааччылар дохуоттарыттан 3% бүддьүөккэ ыытыахтара

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду туһанааччыларыгар туһаайыллар тэйиччиттэн угуйугу (онлайн-реклама) тарҕатааччылар кыбартаалга дохуоттарыттан 3% федеральнай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саҥа дьылынан, бэтэрээн» аахсыйа саҕаланна

Саха сиригэр "Саҥа дьылынан, бэтэрээн!" диэн аахсыйа саҕаланна. "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа уонна "Кыайыы волонтердара"…

2 часа ago