Салгыы
Ил Дархан бэрэсидьиэн субсидиятынан саҥа эбийиэктэри тутууга бырабыыталыстыбаҕа соруктары туруорда

Ил Дархан бэрэсидьиэн субсидиятынан саҥа эбийиэктэри тутууга бырабыыталыстыбаҕа соруктары туруорда

09.10.2023, 14:28
Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга бырабыыталыстыба хамыыһыйатын быһаарыытынан үбүлээһинэ көрүллүбүт социальнай саҥа эбийиэктэри 2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ тутууга бэлэмнэниини саҕалыырга соруйда. Бу туһунан алтынньы 9 күнүгэр планернай мунньахха дьүүллэстилэр.

Ил Дархан РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – УИФУо РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев салалтатынан Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна Арктиканы сайыннарыы боппуруостарыгар Судаарыстыбаннай хамыыһыйа президиумун  холбоһуктаах мунньахтара ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Бу түмүгүнэн Саха сирэ 2024-2026 сс. эбии социальнай эбийиэктэри тэрийиигэ Бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын үбүн ылыаҕа.

“Кэлэр сылга биһиги Эдьигээҥҥэ саҥа успуорт саалатын үлэҕэ киллэриэхпит. Тутууну салгыы ыытарга 2024 сылга 135 мөл. солк. көрүллүбүтэ”, — диэн соругу өрөспүүбүлүкэ баһылыга туруорда.

Социальнай эбийиэктэргэ Дьокуускайга 253 миэстэлээх оскуола, аныгы мастарыскыайдары тэрийии, “УИФУо оскуолаларыгар 50 успуорт саалата” бырагырааманан үс модульнай успуорт саалатын тутуу, Нерюнгригэ доруобуйа харыстабылын биэс эбийиэгин саҥардыы (эмтиир куорпус, улахан дьон поликлиниката, акушер куорпуһа, суһал көмө ыстаансыйата)  эмиэ киирэллэр.

Эрэгийиэн баһылыга маны сэргэ байыаннай дьайыыга кыттааччыларга дастабырыанньаны толоруу бэрээдэгин судургутуллубутун эттэ.   Бу дьайыыга кыттыбыт ИДьМ, Росгвардия, ФСБ, УФСИН байыаннай сулууспалаахтарыгар сыһыаннаах.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Мария Васильева хаартыската, СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: