Салгыы
Ил Дархан биир сомоҕо буолан кыайыыны уһансарга ыҥырда

Ил Дархан биир сомоҕо буолан кыайыыны уһансарга ыҥырда

01.04.2023, 16:27
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Саха сирэ эйигин кытта!» уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар волонтердары кытары көрүстэ. Уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарыттан быыстала, өрөбүлэ суох дьон-сэргэ баҕа өттүнэн, волонтер быһыытынан үлэлиир. Манна оскуола оҕотуттан саҕалаан, эдэриттэн эмэнигэр диэри дьон кэлэн бэйэтин көмөтүн, кыайыы туһугар кылаатын киллэрсэр.

Айсен Николаев ыстаап иистэнньэҥнэрин, бааҥканан чүмэчи оҥорор оҕолору уонна маскировкалыыр сиэккэни баайааччылары көрсөн кэпсэттэ, үлэ-хамнас хайдах барарын билистэ. «Саха сирэ эйигин кытта!» уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабын салайааччы Айыл Дьулурҕа уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай добровольческай киин салайааччыта Айыллаан Винокуров өрөспүүбүлүкэ баһылыгын арыаллыы сылдьан, бөлөҕүнэн үлэ хайысхатын көрдөрө-көрдөрө кэпсээтилэр.

«Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыһыынчанан киһи таҥас-сап, байыаннай дьайыыларга туттуллар тэрили хомуйууга кыттар. Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабын үлэтин үрдүктүк сыаналыыбын. Биһиэхэ кыһалҕа үөскээтэ даҕаны сүбэ-ама көрдөөн ылабыт. Билиҥҥи кэмҥэ туруоруллар ирдэбиллэри уталыппакка, биһиги нэһилиэнньэни, өрөспүүбүлкэ бары тэрилтэлэрин кытары үлэлээн толоро сылдьабыт. Байыаннай дьайыыларга кытта сылдьааччыларынан, ассоциацияларынан, авиахампаанньаларынан, сиринэн даҕаны, барыта 100-чэ туонна гуманитарнай көмөнү байыастарбытыгар ыыттыбыт. Манна муниципальнай тэриллиилэр, министиэристибэлэр эрэ буолбакка, урбаанньыттар эмиэ көмөлөһөллөр. Урбаанньыт Ньургустаана Лукина араас хабааннаах көмөнү оҥорор, квадрокоптерыгар, тепловизорыгар тиийэ көмөлөһөр. Нина Никитина 5 бырамыысыланнай иистэнэр массыынаны биэрэн, биһиги иистэнньэҥнэрбит өссө түргэнник тигэр кыахтаннылар. Онон урбаанньыттар көмөлөрүнэн кыахпыт өссө кэҥээтэ. Оҕо саадын иитиллээччилэриттэн, оскуола оҕолоруттан, үөрэх тэритэлэрин устудьуоннарыттан саҕалаан, араас тэрилтэ үлэһиттэригэр, өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар тиийэ, бары көхтөөхтүк кытталлар. Барыта биһиги байыастарбыт, кинилэр кыайыыларын туһугар оҥоһуллар, кинилэр онтон кынаттанан санаалара күүһүрэр, туруктара бөҕөргүүр, инникигэ эрэллэрэ улаатар», — диэн Айыл Дьулурҕа санаатын үллэстэр.

Кырдьаҕас волонтер, өрөспүүбүлүкэ ытык киһитэ Мария Габышева көмөтүнэн Айсен Николаев маскировкалыыр сиэккэни баайан боруобалаан көрдө. Мария Николаевна аҕа баһылыкка волонтердар күнү быһа ардыгар аһаабакка сылдьалларын, кыһыҥҥы тымныыларга тоҥмуттарын кэпсээтэ, хайдах эмэ ити боппуруос быһаарылларыгар туруоруста.

Айсен Николаев бүгүн мустубут волонтердарынан сирэйдээн өрөспүүбүлүкэ бары волонтердарын ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлиирин эттэ. «Бүгүн эһиги бэйэҕит дууһаҕыт, сүрэххит баҕатынан олус наадалаах үтүө дьыаланы оҥоро сылдьаргытыгар махтанабын. Саха сиригэр добровольческай хамсааһын хаһан баҕарар күүстээх этэ. Биһиги улахан ойуур баһаардарын, ковид дьаҥын уонна бу кэлиҥҥи сылга байыаннай дьайыыларга Аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьар саллааттарга улахан көмөҕүтүн өйдүүбүт. Байыастар эһиэхэ волонтердарга уонна Саха сирин нэһилиэнньэтигэр бүттүүнүгэр көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин улахан махталларын тириэрдэллэр. Бары маннык биир сомоҕо буолан, биир күүһүнэн көмөлөстөхпүтүнэ, кыайыыны түргэнник ситиһиэхпит. Уолаттарбыт эһиги көмөҕүтүгэр олус наадыйаллар», — диэн Ил Дархан эттэ.

Эһиги оҥорор үлэҕитин олус сыаналыыбыт уонна Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба көмө оҥорорго бэлэм, байыастарбыт кыайыыны түргэнник ситиһэллэригэр үлэҕит төһүү күүһүнэн буолуо, мин онно итэҕэйэбин диэн Ил Дархан Айсен Николаев этиитин түмүктээтэ.

Ил Дархан көрсүһүү үөрүүлээх чааһыгар уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар иистэнэр мал-сал ылалларыгар анаан 100 тыһ. солк. сэртипикээт туттарда. Бу күн Айсен Николаев ыстаап салайааччытыгар Айыл Дьулурҕаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ, байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастарга көмөнү оҥорууга кылаатын иһин Махтал суругу уонна өйдөбүнньүк бэлиэни туттарда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: