Ил Дархан бу сыл бүтүүтэ онкодиспансеры тутууну түмүктүүр соругу туруорда

Share

Суһал ыстаап  президиумун мунньаҕар Дьокуускайга онкодиспансеры тутууну түмүктүүр туһунан боппуруоһу көрдүлэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкокиини кэмигэр үлэҕэ киллэрэргэ хайыы-үйэ аҕалыллыбыт тэрил (оборудование) төлөбүрүн бэрээдэгэр уларытыылары киллэрэр туһунан дьаһал ыллылар. Сотору кэминэн бэдэрээтчит маны таҥан, үлэҕэ киллэриэҕэ. Эбийиэги бу сыл бүтүүтэ туттарыахтаахтар.

Ыстаап  мунньаҕар Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, эбийиэги торумнаммыт болдьоҕор киллэриллиэхтээх, ол иһигэр бары тутар үлэни бүтэрэн уонна оборудованиенан  хааччыйан.

Санаттахха, симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар, 180 куойкалаах стационардаах уонна 26 тыһ. кв. м. хаһаайыстыбаннай блоктаах поликлиникалаах онкоклиническэй киин түөрт блоктан турар.

Бу эбийиэк Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагын “Искэн ыарыыларын бохсуу” федеральнай бырайыагынан уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын сайдыыта” эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагырааманан тутуллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago