Ил Дархан Арктическай гимназия өрөмүөнүн кэмигэр түмүктүүргэ сорудахтаата

Share

Бүгүн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Булуҥ улууһугар үлэлии сылдьар. Тиксиигэ Арктическай гимназия өрөмүөнэ хайдах бара турарын көрдө, учууталлары, төрөппүттэри кытта көрсөн кэпсэттэ.

Арктическай гимназия оҕолорбут сайдыыларыгар стратегическай суолталаах. Биһиги барыбыт сүрүн сорукпут – өрөспүүбүлүкэ оҕолоро билии ылалларыгар тэҥ таһымнаах усулуобуйаны хааччыйыы. Булуҥ улууһун оҕолоро киин улуус оҕолоруттан итэҕэһэ суох хааччыллыллыахтаахтар”, — диэн эттэ Айсен Николаев.

Гимназия 4 этээстээх дьиэтэ 1988 сыллаахха тутуллубута, билигин манна 300 оҕо үөрэнэр. Хапытаалынай өрөмүөн “Оскуола үөрэҕин систиэмэтин саҥардыы” бырагыраама чэрчитинэн, Арасыыйа бэрэсидьиэнин сорудаҕынан ыытыллар.

Үлэҕэ ыам ыйыгар киирбиттэр, билигин үлэ 30% түмүктэммит. Тутуу матырыйаала 70% хааччыллыбыт, сорҕото атырдьах ыйыгар тиийиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

58 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago