Ил Дархан бүгүн Орто Халыма куоратыгар үлэлээтэ
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Орто Халыма куоратыгар үлэлээтэ.
“Орто Халыма куорат табыгастаах куорат эйгэтин оҥорууга Арассыыйатааҕы куонкуруска хаста да кыттан кыайбыта. Ол үлэ түмүгүнэн Орто Халыма куоратын киин болуоссата саҥардылынна. Аны Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыы болуоссатыгар үлэ бара турар. Олохтоох бэдэрээтчит болдьох быһыытынан кыраапыгын тутуһан иһэр. Манна Улуу Кыайыыны аҕалбыт дьон сырдык кэриэстэрин ыччаттар өрүү чиэстии сылдьалларыгар эрэллээхпин.
Орто Халымаҕа сүрүн судаарыстыбаннай сорук – гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүү көхтөөхтүк олоххо киирэр. Ханна да сырыттарбын, бу бырагыраама төһө олоххо киирэрин хайаан да болҕомтоҕо ылан көрөбүн-истэбин. Арктикаҕа дьиэ тутуута өрүү болҕомтону эрэйэр уустук боппуруос. Сыл бүтүөр диэри түөрт дьиэ тутуута түмүктэниэхтээх. Үлэ былаан быһыытынан баран иһэр: тутуу матырыйаала барыта тиэллибит, үлэһит тиийэр. Бэдэрээтчиттэр дьиэлэр бары кэмигэр тутуллан бүтүөхтэрин, дьон саҥа табыгастаах кыбартыыраларга кэмигэр көһөн киириэхтэрин мэктиэлииллэр. Орто Халыма куоратыгар улахан суолталаах бырагыраама, салгыы олоххо киириэҕэ”, — диэн бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйда Ил Дархан Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: