Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» телеханаалга ГТРК «Саха» «Прямой разговор» биэриитигэр көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар, үгүс ыйытыы киирдэ.
«Бырабыыталыстыба саҥа састааба хаһан бигэргэниэй?» диэн ыйытыыга Ил Дархан:
— Алтынньы ортотугар бырабыыталыстыба саҥа састааба бигэргэтиллиэҕэ. Биэс сыл иһигэр бииргэ үлэлээбит дьонум уустук быһаарыыга утумнаахтык, сөптөөх үлэни ыытан кэллилэр. Ол курдук, ковид курдук сыстыганнаах дьаҥы, улахан ойуур баһаардарын бохсууга, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга туһуламмыт бырайыактары, барыллары олоххо киллэриигэ, кэскиллээх сүүрээннэри тобулууга көдьүүстээх түмүгү ситистибит. Ол эрээри саҥа үйэ тэтимнээх кэмэ сайдыы сонун хайысхаларын ирдиир. Онон уларыйыы буолуоҕа, — диэн эттэ.
«Ленин пааматынньыга миэстэтигэр төннүө дуо?» эдэр киһи ыйытыыта Ил Дарханы соһутта да, үөртэ да: «Мин бу ыйытыыны аҕа саастаах дьон биэрэллэригэр хоруй биэрээччибин. Эдэр дьон устуоруйа кэрэһиттэрин, пааматынньыктарбыт дьылҕаларын интэриэһиргииллэрэ үөрдэр. Ленин пааматынньыга сэтинньи саҥатыгар миэстэтигэр төннүөҕэ. Билигин кыраапык быһыытынан пааматынньыгы саҥардыы үлэтэ саамай үгэнэ».
«Ленин болуоссатын саҥардыы хаһан түмүктэниэҕэй?» диэн ыйытыыга Айсен Николаев маннык хоруйу биэрдэ:
— Мин өссө Дьокуускай куорат баһылыгынан үлэлии олордохпуна Ленин болуоссатын саҥардар туһунан кэскиллээх боппуруос дьүүллэһиитэ саҕаламмыта. Дьэ дьүүллэһиллэн, ырытыллан бу күннэргэ «Сэттэ» хампаанньа киин болуоссат өрөмүөнүн, тас көстүүтүн саҥардыыны саҕалаата. Араас этии киирбититтэн туох быһаарыы ылыллан олоххо киирбитин эһиил көрүөхпүт»,- диэтэ.
Салгыы Ил Дархан «Звезднай» кыбартаал тутуллуутун, Владивостокка ыытыллыбыт экэнэмиичэскэй пуорум түмүктэринэн киирбит ыйытыыларга хоруйдаата.
Куйаар ситиминэн барбыт биэриини бу сигэнэн киирэн көрүҥ:
https://youtube.com/live/nfgBFSU98kU
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…