Ил Дархан быһа эпииригэр 150-тан тахса ыйытыы киирдэ
Балаҕан ыйын 24 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 19.00 чааска, Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсыаҕа.
Быһа эпииргэ ыйытыылары ылыы салҕанар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 150-тан тахса ыйытыы киирбитин туһунан Саха сирин Эрэгийиэннэри салайар киинэ (ЦУР) иһитиннэрэр.
«23 улуустан эрийдилэр. Ордук элбэх ыйытыы Дьокуускайтан, Алдан, Чурапчы, Ленскэй, Хаҥалас уонна Нерюнгри улуустарыттан киирдэ. Үгүс ыйытыы суолга, уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ, дьиэлэр тастарын тупсаҕай оҥорууга, ону сэргэ араас социальнай төлөбүрдэргэ сыһыаннаах. Колл-киин үлэтэ салҕанар. онон Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин ыйытыыларын биэрэр кыахтаахтар», -– диэн ЦУР салайааччыта Василий Десяткин иһитиннэрдэ.
Ил Дархаҥҥа ыйытыыны ким баҕалаах биэриэн сөп. Ыйытыылары суукканы быһа үлэлиир 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ уонна Telegram @voprosGlaveYakutii_bot бот-чат нөҥүө ылаллар. Быһа эпиир кэмигэр ордук суолталаах ыйытыылар бэлиэтэниэхтэрэ, ол ыйытыыларга Айсен Николаев хоруйдуоҕа.
Быһа эпиир «НВК Саха», «Якутия 24», «Россия 24», «Тэтим» араадьыйаҕа, «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» уонна, үгэс курдук, Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр көрдөрүллүөҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: