Ил Дархан быһа эпииригэр 150-тан тахса ыйытыы киирдэ

Share

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр,  олохтоох бириэмэнэн 19.00 чааска, Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсыаҕа.
Быһа эпииргэ ыйытыылары ылыы салҕанар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 150-тан тахса ыйытыы киирбитин туһунан Саха сирин Эрэгийиэннэри салайар киинэ (ЦУР) иһитиннэрэр.

«23 улуустан эрийдилэр. Ордук элбэх ыйытыы Дьокуускайтан, Алдан, Чурапчы, Ленскэй, Хаҥалас уонна Нерюнгри улуустарыттан киирдэ. Үгүс ыйытыы суолга, уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ, дьиэлэр тастарын тупсаҕай оҥорууга, ону сэргэ араас социальнай төлөбүрдэргэ сыһыаннаах. Колл-киин үлэтэ салҕанар. онон Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин ыйытыыларын биэрэр кыахтаахтар», -– диэн ЦУР салайааччыта Василий Десяткин иһитиннэрдэ.

Ил Дархаҥҥа  ыйытыыны ким баҕалаах биэриэн сөп. Ыйытыылары суукканы быһа үлэлиир 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ уонна Telegram @voprosGlaveYakutii_bot бот-чат нөҥүө ылаллар. Быһа эпиир кэмигэр ордук суолталаах ыйытыылар бэлиэтэниэхтэрэ, ол ыйытыыларга Айсен Николаев  хоруйдуоҕа.
Быһа эпиир «НВК Саха», «Якутия 24», «Россия 24», «Тэтим» араадьыйаҕа, «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» уонна, үгэс курдук, Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр көрдөрүллүөҕэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago