Ил Дархан быһа эпииригэр 600-тэн тахса ыйытыы киирдэ

Share

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр, Айсен Николаевы кытта «Быһа лииньийэҕэ» ыйытыылар билигин да хомулла тураллар. Бүгүҥҥэ күҥҥэ номнуо 647 ыйытыы киирдэ диэн Эрэгийиэни салайыы киинэ иһитиннэрэр. 

Киин иһитиннэрбитинэн, колл-киин нөҥүө 302, оттон Telegram-бот нөҥүө 345 ыйытыы киирбит. Саамай элбэх ыйытыы Дьокуускайтан, Нерюнгриттэн, Алдантан, Өймөкөөнтөн, Абыйтан, Мииринэйтэн, Орто Халыма улууһуттан киирбит.

Саамай элбэхтик ыйытыллар тиэмэлэр — хаарбах дьиэттэн көһөрүү, тутуу, тырааныспар уонна суол инфраструктурата, уопсастыбаннай өҥөлөр, дьиэ-уот уонна хомунаалынай хаһаайыстыбалар, энэргиэтикэ, доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин уонна социальнай өҥөлөр тустарынан буолаллар.

Биэрии балаҕан ыйын 27 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн киэһэ 19:00 чаастан саҕаланар. Ил Дархан үгэс курдук, ыйытыыларга хоруйдуоҕа уонна өрөспүүбүлүкэ салгыы сайдар соруктарын торумнуоҕа.

Биэрии «Саха» НКИХ, «Якутия24», «Россия24» ханаалларыгар, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-Радио»  араадьыйаларга, Ил Дархан социальнай ситимнэригэр тахсыаҕа.

Ыйытыылары Эрэгийиэни салайыы киинин Telegram чат-ботун @voprosGlaveYakutii_bot нөҥүө ыытыахха сөп, эбэтэр, колл-киин 8 (4112) 506-006 нүөмэригэр эрийэн ыытыахха сөп. Колл-киин үлэлиир бириэмэтэ: сарсыарда 9:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/12343

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОЛОХ ОЧУРДАРА: БҮДҮРҮЙБҮТ КӨНҮӨ ДУО?

Халлаан тымныйан, биһиги курдук дьон дьиэҕэ хаайтарар кэммит кэллэ. Хаарыан өрөбүлүм таах хаалаары гынна, сырдык…

18 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

54 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыас «Боха»: «Үс куппут бөҕөргүүр, кыайыыга эрэлбит күүһүрэр»

Бүгүн кэпсэтэр байыаһым Аҕа дойду көмүскэлин ытык иэһинэн ааҕар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх “Боха” диэн позывнойдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үлэ сыла

Горнай чулуу булчуттарын туһунан кинигэ

Байанай – баай хара тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата. Кинини былыргы сахалар олус үөрүнньэҥ, кэһии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уот кыһыл ат сылын хайдах көрсөбүт?

Сылбыт элэҥнээн ааһа охсон, номнуо бүтэһик ый – ахсынньы үүннэ. Саҥа сылга диэри ыйы кыайбат…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Туймаадалар” дьоллоро – аптаах илиилээх Светлана Иванова

Аатырбыт-сураҕырбыт, норуот тапталын ылбыт  “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ …

3 часа ago