Ил Дархан быһа эпииригэр номнуо 650 тахса ыйытыы киирдэ

Share

Ил Дархан  Айсен Николаев  сарсыҥҥы  быһа эпииригэр  ыйытыылары хомуйуу  салҕанар. Бүгүҥҥү туругунан  олохтоохтортон 650 тахса ыйытыы киирдэ,  диэн Саха сирин ЦУР-а иһитиннэрэр.

Саха сирин олохтоохторо араас ыйытыылары биэрэллэр. Ол иһигэр, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ, суоллар туруктарыгар, ОДьКХ, доруобуйа харыстабылын, социальнай көмө, социальнай эбийиэктэри тутуу туһунан.

Дьокуускай куорат, ону тэҥэ Ленскэй, Нерюнгри, Алдан, Мииринэй оройуоннарыттан үгүс ыйытыылар киирдилэр.

“Быһа лииньийэ” сарсын олохтоох бириэмэнэн 19:00 ч.  саҕаланыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар ким баҕарар ыйытыы биэрэр кыахтаах.

Ыйытыыны маннык нүөмэринэн биэриэххэ сөп: 8 (4112) 506-006. Ону тэҥэ Telegram @voprosGlaveYakutii_bot чат-бота “Быһа лииньийэ” түмүктэниэр диэри ыйытыылары тутуоҕа.

Сытыы ыйытыыларга быһа эпиир кэмигэр Айсен Николаев хоруйдуоҕа.  Атын ыйытыыларга кылгас болдьоххо судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнара эппиэти ыытыахтара.

Биэрии “Саха НКИК”, “Якутия24”, “Россия24”, “Тэтим” араадьыйа, “Виктория Саха”, “СТВ-араадьыйа нөҥүө барыаҕа. Ону тэҥэ Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago