Ил Дархан бырамыысыланнас тэрилтэлэрин өйөбүллэрин бэлиэтээтэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр бырамыысыланнас салаатын тэрилтэлэрэ социальнай хайысхалаах үлэҕэ улахан көмөнү, өйөбүлү оҥороллорун бэлиэтээтэ.

Быйыл сайын Өймөкөөн улууһугар иккитэ буолбут алдьатыылаах халааҥҥа Өймөкөөн улууһугар көмүс хостуур тэрилтэлэр улахан  өйөбүлү оҥордулар. Бу туһунан Өймөкөөн улууһун «Инфраструктура сайдыытын уонна тэрээһин-правовой өйөбүл сулууспатын» МБУ салайааччыта Михаил Бурцев санаатын бу курдук үллэһиннэ:

Ил Дархан кэлиҥҥи сэттэ сылга сир баайын хостуур тэрилтэлэр социальнай бырайыактарга 45 миллиард солкуобайдаах көмөнү оҥордулар диэн бэлиэтээтэ. Кини айылҕа иэдээнин кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтигэр улахан үлэ барбытын, сүҥкэн өйөбүл оҥоһуллубутун эттэ. Чөлүгэр түһэрии үлэтин чэрчитинэн Өймөкөөн нэһилиэгэр – икки, Сордоҥнооххо биир түөртүү кыбартыыралаах дьиэлэри аҕыйах кэм иһигэр тутуллан киирдилэр. Бу дьиэлэргэ бэдэрээччитинэн Петр Старостин “Эркин” тэрилтэтэ үлэлээтэ. Олохтоохтор ааттарыттан бэдэрээччит «Западная» АУо, «Восток» ХЭУо, «Омега» ХЭУо көмүс хостуур тэрилтэлэр үптэринэн тутуллубут дьиэлэргэ анал өйдөбүнньүк бэлиэлэри ыйаата.  

Хаартыска: Михаил Бурцев тиксэриитэ.

Чөлүгэр түһэрии үлэтигэр атын да көмүс хостуур тэрилтэр үтүмэн көмөнү оҥордулар.

Ол курдук, бэҕэһээ үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Сахам сирэ 21-с үйэҕэ» хамсааһын чэрчитинэн үлэҕэ киирбит Үчүгэй нэһилиэгин орто осуолатын тутуугар «Сусуман Золото» уонна «Поиск» акционернай тэрилтэлэр үбүлээһиҥҥэ көмөлөстүлэр. 

Маныаха улуус салалтата быйыл Өймөкөөҥҥө 16 сир баайын туһанар тэрилтэлэри кытта анал сөбүлэҥ түһэрсибитэ төһүү күүһүнэн буолла. Бырамыысыланнас салаатын тэрилтэрин кытта улуус сайдыытын туһугар мантан салгыы бииргэ үлэлэһиэхпит.

Recent Posts

  • Култуура
  • Спорт

Оһуокайга бастакы үөрэнээччитэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи  "Оһуокай" түмсүү Дархан этээччитэ Лариса Николаевна оскуола үөрэнэччилэрин дьарыктаабыта ыраатта. Туйах хатарааччылаах бастыҥ этээччибит…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатыра норуот култуурунай баайын эбийиэгинэн билинилиннэ

Айсен Николаев Олоҥхо тыйаатырын Саха сирин норуоттарын култуурунай баайын эбийиэгинэн билинэр туһунан Ыйаахха илии баттаата.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Суумканы уоран тутулунна

Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар суумкатын уордарбытын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини киин…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тулалыыр айылҕаҕа сыһыан

Алааска, тыаҕа сылдьан хаһыытыыры, улаханнык айдаарары боболлорун билэргит буолуо. Ону таһынан өссө тугу сэрэтэллэрий, өйдөтөллөрүй?…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүргэ сорудахтаата

Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ)  туһаайан этиитигэр дьиэ кэргэннээх үлэһиттэри өйүүр миэрэлэри олоххо киллэрэргэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр тэрээһин буолан ааста

Үгүс үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн баай Өлүөхүмэ улууһун 1-Нөөрүктээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэҕэ, ааспыт нэдиэлэҕэ сылы түмүктүүр тэрээһин буолан…

3 часа ago