Ил Дархан дьадайыыны утары ыйаахха илии баттаата

Share

Ил Дархан Айсен Николаев дьадайыыны утары ылыллар миэрэлэр туһунан стратегическай ыйаахха илии баттаата. Ситиһиллиэхтээх сыал – биэс сыл иһигэр дьадайыы таһымын икки төгүл намтатааһын.

Бу сыалы судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара бииргэ үлэлээн ситиһиэхтээхтэр.

Дьадайыыны утары үлэҕэ  Саха сирин олохтоохторун дьиҥнээх дохуоттарын үрдэтээһин сүрүн сорук буоларын туһунан Ил Дархан биллэрдэ уонна бырабыыталыстыба, улуус дьаһалтатын салайааччыларыгар, куорат дьаһалтатыгар бу үлэни тута саҕалыылларыгар дьаһал биэрдэ.

Кэлэр биэс сыл устата Саха сирин олохтоохторо дьадайыы туругуттан тахсалларын туһугар туох баар кыахпытын ууруохтаахпыт. Бу үлэ  былаас бары салаалара бииргэ дьаһанан үлэлиирбитин эрэйэр. Ону кытта бу үлэни уопсастыба, бөдөҥ урбаан өйүүрэ олус суолталаах”, — диэн эттэ Айсен Николаев.

Дьадайыы таһымын намтатар туһугар хамнаһы үрдэтии, үлэлиир дьон ахсаанын элбэтээһин, үбүнэн тиийиммэт түгэҥҥэ тиийбиттэргэ социальнай өйөбүлү оҥоруу былааннанар. Бу туһугар дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр үлэ миэстэтин элбэтиигэ болҕомто ууруллуо, социальнай хантараак көдьүүстээх буоларын үрдэтии үлэтэ ыытыллыа.

Улуус баһылыктарыгар туһаайан Ил Дархан Айсен Николаев:

-Былааннаммыт соруктары муниципальнай тэриллиилэр таһымнарыгар киллэрии – дьон олоҕун хаачыстыбата тупсубутун туоһута буолуоҕа. Онон, эһиэхэ, улуустар уонна куораттар салайааччыларыгар улахан ирдэбили аныыбын, ситиһиилээх үлэни күүтэбин,- диэтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокутаат оруола хаһааҥҥытааҕар да улааппыт

Дьокуускайга муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын үһүс сийиэһэ буола турар. “Муниципалитеты 2.0: ИИ как драйвер…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрист сүбэтэ: Икки үлэҕэ тэҥинэн үлэлээтэххэ, уоппусканы хайдах биэрэллэрий?

СӨ Идэлээх сойуустарын үлэ быраабыгар иниспиэксийэтин салайааччы, СӨ үтүөлээх юриһа Наталья Ивановна Барковская ыйытыыга эппиэттиир.  …

15 минут ago
  • Сонуннар

Бырааһынньык кэмигэр баһаартан сэрэхтээх буолуохха

Бүгүн, ахсынньы 17 күнүгэр, Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун…

27 минут ago
  • Сонуннар

“Уопсастыбаннай үлэ муниципалитекка сыһыарыллар, оттон онно үп-харчы көстөрө кытаанах”

Дьокутааттар олоххо көхтөөх позициялаах, кими баҕарар кытта уопсай тылы булар, сэргэх дьоннор. Онон олорор нэһилиэктэрин,…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: -51 кыраадыс тымныыга лыах тилиннэ

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото, Саҥа дьылы көрсө лыах тиллибит диэни истээт, хаһаайка…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Устудьуонтан харчыны күһэйэн ылыыга уорбаланааччы хаайылынна

Техникум устудьуонуттан харчыны күһэйэн ылыыга уорбаланар сааһын ситэ илик уол  хаайылынна. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар баар…

45 минут ago