Ил Дархан Дмитрий Наумовы 75 сааһынан эҕэрдэлээтэ
Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин ТГ-ханаалыгар Дмитрий Федосеевич Наумовы 75 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээн суруйда.
“Бүгүн биллэр судаарыстыбыннай үлэһит, уопсастыбыннай диэйэтэл, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин норуодунай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов 75 сааһын туолар.
Дмитрий Федосеевич дойдутугар дьиҥ бэриниилээх, тыа сирин тупсуутугар элбэх сыратын уурбут салайааччы, тэрийээччи. Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлиир кэмигэр Саха сирин сайдыытыгар кылаатын киллэрбитэ, дэриэбинэҕэ элбэх үтүө уларыйыылар тахсалларын ситиспитэ. Бу ситиһиитигэр дойдуга бэриниилээх санаата, улахан таптала төһүү буолбута саарбаҕа суох.
Маны таһынан Саха сирин олохтоохторо Дмитрий Федосеевиһы бэртээхэй суруйааччы быһыытынан билэллэр. Кини бэйэтин айымньыларыгар тыа сирин олоҕун, кыһалҕатын туһунан ис иһиттэн билэн, олус үчүгэйдик суруйар.
Ис сүрэхпиттэн Дмитрий Федосеевиһы үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин! Киниэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, уостубат айар иэйиини баҕарабын!”
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: