Ил Дархан Айсен Николаев РФ Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба салайааччытын солбуйааччы Дамир Фаттаховы кытта көрүстэ.
Өрүттэр «Патриот» ыччат киинин дьиэтин саҥардыы бырайыагын олоххо киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соругунан “Эригийиэн ыччакка” диэн ыччат бэлиитикэтин кэлимник сайыннарыыга аналлаах дойду таһымнаах куонкуруска кыайан, бу киини тутууга анаан Саха сирэ 128 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах субсидияны ылбыта.
Көрсүһүү кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар ыччат сүрүн тэрээһиннэрэ, чуолаан, “ТАБЫС” култуурунай-сырдатар ыччат бэстибээлэ уонна дойду таһымнаах оҕо уонна ыччат байыаннай-патриотическай “Юнармия” уопсастыбаннай хамсааһынын чэрчитинэн балаҕан ыйыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай сүлүөт туһунан кэпсэттилэр.
Каадырдары талыыга көдьүүстээх үлэлээх салайар хамаанданы тэрийиигэ туһуламмыт “Якутия, вперед!” куонкуруска 2023 сылга 537 сайабылыанньа киирбит, оттон финалга өрөспүүбүлүкэ 23 улууһуттан 93 кыттааччы киирбит. Саамай элбэх баалы ылбыт финалистары салайар каадыр резервэтигэр киллэрбиттэр, ону тэҥэ бырабыыталыстыбаҕа үрдүк дуоһунастарга анаммыттар.
Ил Дархан Айсен Николаев “Муус устар — 2025” ыччат бэстибээлигэр Ыччат дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба салалтатын ыҥырда. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ ыччата 2025 сылга «Росмолодежь.Гранты» кыттарга бэлэмин туһунан иһитиннэрдэ.
Маны тэҥэ, өрүттэр Арассыыйаҕа ыччат уонна оҕо туризмын сайыннарыыга туһуламмыт “Больше, чем путешествие” дойду таһымнаах бырагыраамаҕа “Полёт сибирского журавля” научнай орнитологическай обсерваторияны киллэриини ырыттылар. Бу хамсааһын биэдэмистибэ өйөбүлүн ылла.
Санатан эттэххэ, Экэнэмиичэскэй пуорумҥа Саха сирэ “Полёт сибирского журавля” бырайыагы билиһиннэрбитэ. Тэрээһин туризм, наука, киинэ уонна хаартыска индустриялара бииргэ үлэлээһиннэрин, ону тэҥэ Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрдөрү кэтээн көрүүнү түмүөҕэ.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…